Бу күннэргэ Арассыыйа олохтоохторо Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны кэтии олорорбут саарбаҕа суох. Луганскай уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторугар гуманитарнай көмөнү биһиги өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар хомуйаллар. Эбээн бытантайдар эмиэ туора турбатылар.
«Аҕа баһылык Гаврил Горохов көҕүлээһининэн улуус бары кэриэтэ тэрилтэлэрэ көмө хомуйуутугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Ол курдук, бу күннэргэ уһук хоту сиртэн Донбасс олохтоохторугар диэн, барыта 63 миэстэ көмөнү массыынанан ыыттыбыт. Манна өр харайыллар бородууктаны тэҥэ таҥас-сап, бытовой химия тэриллэрэ бааллар», — диэн улуус баһылыгын 1 солбуйааччыта Раиса Старостина иһитиннэрдэ.
Ыраах тайаан сытар хоту улуус олохтоохторо Украинаҕа ыытылла турар анал эпэрээссийэ үтүө түмүгэр, дойдубут үрдүнэн эйэлээх олох салҕанарыгар бүк эрэнэллэр.
Яна Рожина
Бытантай уоттара
This post was published on 11.04.2022 16:01 16:01