Кэнники сылларга Эбээн-Бытантай улууһун оҕолоро үрдүк, орто анал үөрэхтэрин түмүктээн, дойдуларыгар кэлэн үлэлииллэрэ үксээтэ. Олох-дьаһах бары хайысхатыгар, үгүс тэрилтэлэргэ эдэр исписэлиистэр бааллар. Профессиональнай таһымнара, сатабыллара, үлэлии үөрүйэхтэрэ, тулалыыр усулуобуйаҕа сөп түбэһэн биэриилэрэ хас биирдиилэригэр араас буолар.
«Бытантай уоттара» хаһыат кэрэспэдьиэнэ «Эдэр исписэлиис, кэпсээниҥ?» диэн ыйытыылаах тэрилтэлэргэ сырытта.
Вера Колесова, улуустааҕы Оҕо киинин тэрийээччитэ:
— Мин Саккырыыр орто оскуолатын 2013 сыллаахха бүтэрбитим. Кыра эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүр буоламмын, «бу миэнэ эбит» дии санаан аан маҥнай Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж муусука салаатыгар туттарсан киирбитим. Онтон бэйэм баҕабынан эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар көспүтүм. Эбии үөрэхтээһин наһаа киэҥ эйгэ, саҥа сүүрээн бөҕө, сайдан аҕай турар, ол иһин бэйэбин үөрэҕирии бу өттүгэр көрөр эбиппин диэн толкуйтан көспүтүм. Билигин сыыспатахпын эбит, диэн үөрэбин. Үөрэхпин 2018 сыллаахха бүтэрбитим. Устудьуоннуур кэм хас биирдии киһиэхэ саамай үчүгэй сыллара буоллаҕа дии, үөрэнэрбин хайыы үйэ аҕынным, өссө да үөрэниэм этэ, инникитин үрдэттэр былааннаахпын. Бу сыл олунньу ыйыттан бэйэм идэбинэн улуустааҕы Оҕо киинигэр тэрийээччинэн үлэлии сылдьабын. Эрдэ манна кэлэн үлэлиэм, диэн өйбөр да суох этэ. Бу үлэ миэстэтин туһунан Елена Константиновна Ушницкаяттан билбитим, кини Оҕо киинигэр психологынан үлэлиир. Онтон салайааччы Степан Степанович Слепцовка сибээскэ тахсан, кэпсэтэн, дойдубар хас да сыл буолан баран эргиллэн кэлэн үлэлээн саҕалаабытым. Туох ыарахаттары көрүстүҥ диэҥҥэ уопута суох киһи тэрийээччинэн үлэлиирэ уустуктардаах соҕус эбит. Хас биирдии тэрээһини барытын сүрүннээн, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ымпыгын-чымпыгын боппуруостарын быһааран, иилээн-саҕалаан ыытыахха наада. Ол да буоллар, кэллиэгэлэрим наһаа эйэҕэс дьон, бары утары кэлэн көмөлөһөн, сүбэлээн биэрэллэр. Түгэнинэн туһанан кинилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин.
Наталья Пинигина, Саккырыыр орто оскуолатын технология учуутала:
— 2015 сыллаахха маннааҕы оскуоланы бүтэрэн Намнааҕы технология уонна дизайн колледжыгар туттарсан киирбитим. Кыра эрдэхпиттэн муода, дизайн эйгэлэрин сэҥээрэр этим. Киһи бэйэтин мээрэйинэн киэптэри оҥорорго, бэйэм толкуйдаан ол эбэтэр сөпкө моделируйдаан тигэргэ үөрэниэхпин баҕарарым. Кыра-кыралаан араас истииллээх таҥастары иистэнэн, дьиэ интерьердарын уруһуйдаан холонооччубун. Аан маҥнай интерьер дизайнерыгар үөрэниэм дии санаабытым, ол эрээри толкуйдаан баран моделированиеҕа туттарсан киирбитим. Идэм «Педагогика уонна түүлээх таҥас конструктированиета уонна моделированиета» диэн. Бөлөхпүтүгэр бастаан 31 этибит, ол онтон 16 эрэ буолан түмүктээбиппит. Үөрэхпэр улаханнык тугу да ыарырҕаппатаҕым, эһиилгиттэн саҕалаан үрдэтиммит киһи диэн баҕа санаалаахпын.
Билигин Саккырыыр орто оскуолатыгар технология учууталынан үлэлии сылдьабын. Эрдэттэн дойдубар кэлэн үлэлиэм диэн былааннааҕым, ол иһин бүтэрэн баран тута-бааччы дириэктэргэ кэлбитим. Саҥа үлэлээн эрэр буоламмын туох да ыарахаттары көрсө иликпин. Оҕолору кытта үлэлиирбин сөбүлүүбүн, докумуон өттүн эмиэ ыарырҕатыам суоҕа дии саныыбын.
Аммосова Мария, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын исписэлииһэ:
— Мин оскуоланы 2012 сыллаахха бүтэрбитим. Быйыл Хотугулуу-илиҥҥии федеральнай университет Педагогическай институтун бүтэрэн алын сүһүөх учуутала идэни баһылаан кэлбитим. Аан маҥнай Дьокууйскайдааҕы педагогическай колледжы түмүктээбитим. Ол иһин үрдүк үөрэххэ тугу да ыарырҕаппатаҕым, колледж дьиссипилиинэлэрэ быдан кэһэппиттэрэ (күлэр-авт.), отой оскуолаҕа курдук үөрэтэллэр онно, онтон институтка СРС быдан элбэх эрээри нууччалыы эттэххэ «свободное плавание». Устудьуоннуур сылларым олус үчүгэйдик ааспыттара, орто үөрэхпин тэҥҥэ бүтэрбит кыргыттарбын-дьүөгэлэрбин кытта 8 буолан бары сиэттиспитинэн үрдүк үөрэҕи эмиэ тэҥҥэ бүтэрбиппит, 6 сылы быһа бары бииргэ үөрэммиппит. Дьокуускай куоракка киһи айар-тутар (творческай) өттүнэн арылларыгар үгүс усулуобуйа баар, устудьуоннуур сылларбын ахтабын эрээри, хайыы үйэ бэйэни булунар суолга турунар кэм кэлбитин өйдүүбүн. Билигин манна улуустааҕы үөрэҕирии салаатыгар аҕыйах кэмҥэ сэкирэтээринэн үлэлиибин, бакалавриат кэннэ магистратураҕа салгыы үөрэниэм дии санаан эрдэттэн үлэ миэстэтин көрдөнө сатаабатаҕым, билигин онтон кыратык кэмсинэбин. Бу саҥа дьыл кэннэ Дьокуускайга баран репетиторскай кииҥҥэ үлэ көрдөөн бэйэбин боруобаланан көрүөм этэ, онтон кэлэр сылга дьэ магистратураҕа үөрэнэ киирэр былааннаахпын.
Яна Горохова, Саккырыыр алын сүһүөх оскуолатын учуутала:
— Мин оскуоланы 2014 сыллаахха бүтэрбитим. Бэйэм баҕабынан С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка алын сүһүөх педагогика салаатыгар туттарсан киирбитим. Устудьуоннуур сылларым биллибэккэ ааспыттара, билигин бэрт үчүгэйдик саныыбын. Саҥаттан саҥаны билэн, оҕолору кытта үлэлииргэ үөрэнэн. 2017 сыллааха туйгуннук түмүктээн дойдубар эргиллэн кэлбитим. Бэйэм идэм алын сүһүөх учуутала, ол эрэн бастаан манна оскуолаҕа үлэ миэстэтэ суох буолан «Хаарчаана» оҕо уһуйааныгар «Чукичан» кырачааннар бөлөхтөрүгэр иитээччинэн үлэлии киирбитим. Элбэххэ үөрэнним, кыра да буоллар уопуттанным диэхпин сөп. Онтон быйыл алын сүһүөх оскуолатыгар миэстэ тахсыбытын билэн, сайабылыанньа суруйан, балаҕан ыйын бастакы күнүттэн маҥнайгы кылаас оҕолорун ылан, бэйэм идэбинэн астынан аҕай үлэлии сылдьабын. Инникитин ХИФУ педагогическай институтугар туттарсан киирэн идэбин үрдэтинэр былааннаахпын.
Дулустан Тотонов, Саккырыыр орто оскуолатын технология учуутала:
— Мин манна күтүөт буолан кэлэн олохсуйан олоробун. Бэйэм Сунтаар улууһун Сардаҥа бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Бордоҥ оскуолатын 2011 сыллаахха бүтэрбитим. Быйылгыттан Саккырыыр орто оскуолатыгар технология учууталынан үлэлиибин. «Точка роста» диэн кылаас таһынааҕы дьарыкка «Аныгы оскуола» бырайыак сүнньүнэн үлэлиэхтээхпин. Саҥа үлэлээн эрэр буолан ыарахаттары көрсө иликпин.
Анастасия Степанова, ФКП Аэропорты Севера «Аэропорт Саккырыр» тиэйии тэрийиитин сулууспатын агена:
— Гражданскай авиация Дьокуускайдааҕы авиационнай техническэй училищены быйыл бүтэрэн кэлэн, «Саккырыыр» аэропордун тиэйии тэрийиитин сулууспатын агенынан үлэлии сылдьабын. Оҕо эрдэхпиттэн авиационнай үөрэххэ киириэм, аэропортка үлэлиэм диэн баҕа санаалааҕым. Баҕар ол иһин буолуо, үөрэхпин отой ыарырҕаппатаҕым. Бөлөхпүтүгэр 27 буолан бүтэрбиппит, миигин кытта Надя Слепцова үөрэммитэ. Бу үлэ миэстэтин дипломнай практикабар сылдьан булбутум, «Саккырыыр» аэропордун салайааччыта Екатерина Михайловна Обутова ыҥырбыта. Тутатына сөбүлэһэн, диплом көмүскээн «Организация воздушной перевозки, организация авиационной безопасности» идэни ылан дойдубар кэлбитим. Практикабын манна ааспыт буоламмын тулалыыр усулуобуйаҕа сөп түбэһэн биэриибин, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ адаптациябын холкутук аастым дии саныыбын.
Анастасия Слепцова, Түгэһиир нэһилиэгин эдэр ыччат политикатын исписэлииһэ:
— Устудьуон оҕолору киллэрэн туран, 18-тан 35-р диэри саастаах эдэр ыччат биһиги нэһилиэкпитигэр 650-ча кэриҥэ. Дойдуларыгар эргиллэн кэлэн үлэлии кэлбит ыччаты барыларын ыытыллар тэрээһиннэргэ, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын. Дойдубут сайдарыгар, тупсарыгар төһүү күүс буолалларыгар баҕарабын.
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыччат ордук киин куораттарга талаһар, тыа сиригэр үлэлиэн баҕарбат диэн статистика көрдөрүүтэ баар. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ, судаарыстыба, улуус өттүттэн эдэр каадырдары тыа сиригэр интэриэстээри социальнай бырагыраамалар үлэлииллэр, араас төлөбүрдэринэн (биир кэмнээх, подъёмнай) «манньалыыллар». Оттон биһиги ыччаппыт патриоттар, дойдуларын сайыннараары үлэлиэхтэрэ, билиҥҥи кэм тэтимин кытта тэҥҥэ хардылаан бэйэлэрин булунуохтара уонна сомоҕолоһуохтара диэн бүк эрэллээхпит.
Ааптар: Илана Колесова, «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа