Эбээн-Бытантай улууһугар уоту-күөһү РЭС «Сахаэнерго» биэрэр. Бу тэрилтэ үлэтиттэн күннээҕи олохпут таһыма тутулуктаах. Кинилэр улуус киинин кытыытыгар бүччүмнүк тэринэн олороллор. Күрүө-хаһаа сабыылаах тэрилтэ буолара тиэргэн таһыттан биллэр. Бу тэрилтэҕэ 48 киһи үлэлиир-хамсыыр.
«Биһиги тэрилтэбит сүрүн сыала-соруга уоту оҥорон таһаарыы. Бу сыл 11 ый түмүгүнэн 4.644093 мөл.кВт уот энергиятын оҥорон таһаардыбыт. Онтон олоххо киллэрдибит 3.870300 млн.кВт, маны харчыга таһаардахха 17.365602 мөл.солк. буолар. Бу уоту оҥорон таһаарарбытыгар уматыкпытын тиэйэбит, оҥоробут, тарҕатабыт, онтон туһаммыт уоттарын төлөбүрүн хомуйабыт. 2018-2019 сыллаах кыһыҥҥы суолунан уматык аҕалыытын түмүгэ 1530,216 туонна буолла», — диир РЭС салайааччыта Владимир Дмитриев.
Эбээн-Бытантайдааҕы уот ситимин станцията үлэтин 11 ыйдаах түмүгүн ылан көрдөххө, өрөмүөн бырагырааматынан былааннаммыт үлэлэр 107% туолбуттар, ол эбэтэр 9,3 мөл. солк. былаан тиэрдиллибит буоллаҕына, 10 мөл. солк. суумалаах үлэлэр барбыттар. Баатаҕай-Алыытын бөһүөлэгэр 0,7 килэмиэтир усталаах 10 кВ үрдүк күүрүүлээх ситим тардыллыбыт уонна 3,5 км. усталаах эргэ ситим көтүрүллүбүт.
Дьарҕаалаах нэһилиэгэр ВЛ-0,4 кВ саҥа ситим 0,09 килэмиэтир усталаах тардыллыбыт. Улуус киинигэр «Ферма» түөлбэҕэ саҥа КТП-250 кВа фундамена тутуллубут. Кустуур нэһилиэгэр ВЛ-10 кВ 2 анкернай остуолба уларытыллыбыт. Баатаҕай-Алыытын бөһүөлэгэр 3 трансформаторнай подстанция өрөмүөннэммит. Сүрүн тэриллэргэ тохтуур буоллахха, Саккырыырга 6№ДГ ДЭС, Кустуурга 3№ДГ ДЭС капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыт.
Маны тэҥэ үлэ усулуобуйатын тупсарар сыалтан станция салалтатын сүрүн дьиэтигэр-уотугар түннүктэр уларыйбыттар, Саккырыырга ДЭС операторнай хоһугар саҥа аан туруоруллубут, Кустуур нэһилиэгин станциятыгар 100 м. усталаах ититэр трасса өрөмүөннэммит.
Мэхэниичэскэй итиини биэрэр көмө тэрилгэ: Кустуур, Дьарҕаалаах нэһилиэктэрин станциятыгар биирдии утилизатор хочуоллара уларыйбыттар. Эмиэ бу нэһилиэктэргэ уопсайа 4 теплообменник уларыйбыт. Маны тэҥэ Кустуурга 2 циркуляционнай носуос уларыйбыт.
Саҥа тутуллубут дьиэлэргэ, социальнай суолталаах эбийиэктэргэ уот ситимин холбооһун туһунан сырдаттахха, улуус үрдүнэн уопсайа 12 чааһынай дьиэ, Дьарҕаалаах нэһилиэгэр саҥа хочуолунай уот ситимигэр холбоммуттар.
Саккырыыр станциятыгар үс саҥа 200 кубтаах емкостар турбуттар.
Үлэ тэриллэрэ көдьүүстээхтик уонна эрэллээхтик үлэлииллэрин туһугар, тымныы салгын температурата муҥутаан түһэр усулуобуйатыгар уонна ДЭС уматыгынан хааччыйыыга, алдьаныыны-саахалы сэрэтиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр толоруллубуттар.
Эбээн-Бытантайдааҕы уот ситимин станцията кэлэктиибэ олус түмсүүлээх, туох баар үлэҕэ биир киһи курдук ылсан үлэлиир-хамсыыр. Улууска сытыытык турар кыһалҕалартан эмиэ туора турбат. Ол курдук, быйыл үтүө бачыымы өйөөн саха ынаҕын иитиинэн дьарыктанар ГБУ ГП «Бытантай» тэрилтэтигэр 11 туона оту оттоон туттарбыта хайҕаллаах суол диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ханнык баҕарар үлэһит киһини хайҕаан, бириэмэтигэр сыаналаан, көҕүлээн биэрдэххэ, эппиккэ дылы, үлэ да таһаарыылаах, ситиһиилээх, үтүө түмүктээх буолар. Онон, ахсынньы 22 күнүгэр – энергетиктэр идэтийбит күннэригэр бу тэрилтэҕэ үлэлиир дьоҥҥо олус долгутуулаах бэлиэ тэрээһин буолла. Ол курдук, бу күн бастыҥ үлэһиттэргэ араас таһымнаах грамоталары, кыра сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Үтүө суобастаахтык үлэлээбит, улуус энергетикатын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо улуус баһылыгын грамотатын туттардылар. Ону таһынан “Якутскэнерго” публичнай акционернай уопсастыба бочуотунай грамотатын туттулар Постников Юрий Иванович, Старостин Константин Афанасьевич, Стручков Алексей Алексеевич. АО “Сахаэнерго” бочуот дуоскатыгар бу сыл бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин туоһу сурук кэллэ Горохов Дмитрий Прокопьевичка, Попов Афанасий Афанасьевичка. Саха Өрөспүүбүлүкэтин профсоюзтар федерацияларын бэрэссэдээтэлин Н.Н.Дегтярев махтал суругун Докторов Василий Петрович ылла. Уонна бүтүн Арассыыйатааҕы «Эра России» Ассоциация Бэрэсидьиэнин А.В. Замосковнай грамотатын Стручков Иван Егоровичка туттардылар.
Энергетиктэр олохторугар, үлэлэригэр киһи үөйбэтэх өттүттэн араас түгэннэр баар буолаллар. Бу күһүн улуус киинигэр остуолбаҕа тахсан баран үс күнү быһа сатаан түспэккэ олорбут куосканы станция эдэр уолаттара баран быыһаан тураллар. «Бу диэн эттэххэ, энергетиктэргэ үксүлэригэр маннык түгэннэр бааллар быһыылаах, холобур, мин эдэр сылдьан эмиэ остуолбаҕа тахсан куосканы быыһаан турардаахпын», — диир Владимир Николаевич.
Түмүккэ РЭС салайааччыта Владимир Дмитриев бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин, ытыктабыллаах бэтэрээннэри идэтийбит бырааһынньыктарынан бу курдук эҕэрдэлиир: «Ахсынньы ый 22-тэ — кыһыммыт саамай кылгас күнэ. Бу күн биһиги идэтийбит бырааһынньыкпыт – Энергетиктэр күннэрэ бэлиэтэнэр. Онон бэйэм кэллиэгэлэрбин, убаастабыллаах бэтэрээннэри идэтийбит күммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Бастатан туран, кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини, тус олоххутугар бары табыллыыны баҕарабын. Кэлэн иһэр Саҥа Дьыланан бары Эбээн-Бытантай олохтоохторун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Дьолу-соргуну, или-эйэни!»
Ааптар: Илана Колесова, Эбээн-Бытантай улууһа
This post was published on 24.12.2019 17:25 17:25