Эбээн-Бытантай улууһун Дьарҕалааҕар "Күөх рейс" кэллэ

Дьарҕаалаахха бүгүн «күөх эриэйсэ» кэлэн оҕуруот аһын аҕалла, диэн «Бытантай уоттара» телеграм-ханаал суруйар.

«Бүгүҥҥү «күөх эриэйсэннэн» 900 киилэ хортуоска уонна 100 киилэ луук кэллэ. Күн-дьыл туран биэрдэҕинэ сарсын иккис сөмөлүөт кэлиэҕэ. Ол онон нэһилиэнньэҕэ хапыыста, сүбүөкүлэ, дьаабылыка, моркуоп, үүт, сымыыт кэлиэҕэ», — диэн нэһилиэк баһылыга Лев Горохов сырдатта.

This post was published on 03.10.2023 17:02 17:02