Эбээн-Бытантай национальнай улууһа хотугу улуустартан саамай аҕыйах нэһилиэнньэлээх эдэр улуус буолар. Киин сиртэн ырааҕынан тайаан сытарынан ыарахан суоллаах-иистээх. Ас-таҥас сайыҥҥы өттүгэр сөмөлүөтүнэн эрэ кэлэр кыахтаах, кыһынын 4-5 ый устата суол арыллар, бу кэми мүччү туппакка тэрилтэлэр да, чааһынайдар да туттумахтаан хаалан, наадалаах таһаҕастарын удамыр сыанаҕа аҕалтарарга тиэтэйэллэр.
Төһө да ас-таҥас, табаар сыаната ыараханын иһин, бу национальнай улууска олох-дьаһах күөстүү оргуйар, бары салааҕа үлэ-хамнас тэтимнээхтик барар. Олохтоох нэһилиэнньэ инникигэ эрэллээҕэ, дьоно-сэргэтэ ыарахантан чаҕыйан турбакка үлэһитэ, сайдыыны кытта тэҥҥэ хардыылыыр баҕата күүстээҕэ күннээҕи олоххо да көстөр. Эбээн-Бытантайга эдэр ыаллар бэйэлэрин дойдуларыгар олохсуйан, дьиэ-уот тэринэн ньир бааччы олороллор.
Хотугу кылгас сайыҥҥа ичигэс күннэри тутуһан тутуу үлэтэ ньиргиччи барар. Ордук эдэр ыаллар дьиэ туттуулара элбэх. Маныаха дьиэ тутуутугар судаарыстыбаттан субсидия быһыытынан көрүллэр өйөбүл сүрүн тирэх буолара саарбаҕа суох.
Чааһынай дьиэ тутуутун боппуруоһа үгүс дьону интэриэһиргэтэринэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутууга Дирекциятын сүрүннүүр экспертин, биир дойдулаахпыт Лилия Легусина Саккырыырга командировкаҕа кэлэ сырыттаҕына кэпсэттибит.
— Лилия Михайловна, биһиги улууспутугар туох сыаллаах-соруктаах кэллиҥ?
— Эбээн-Бытантай улууһугар тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматынан 2018-2019 сс. тутуллубут дьиэлэри уонна эмиэ ол бырагырааманан тутуллубут саҥа хотону көрө кэллим. Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраама сүнньүнэн чааһынай дьиэлэр тутуллубуттар, ол гынан баран ситэтэ суох дьиэлэр эмиэ бааллар. Быйылгыттан тыа сирин олохтоохторун дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматыгар толору хааччыллыы баар буоларын күүскэ ирдээтилэр. Урукку өттүгэр бу бырагыраамаҕа толору хааччыллыы диэн киирэр этэ, ол гынан баран күүстээх ирдэбил барбата. Быйылгыттан толору хааччыллыы хайаан даҕаны баар буолуохтаах, тутуллар дьиэлэргэ уунан хааччыйыы, септик баар буоларын ирдииллэр. Ол иһин 2018-19 сс. субсидия ылбыт дьон толору хааччыллыыны хайаан да киллэрэллэрэ толору ирдэнэр.
— Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматын туһунан сиһилии кэпсээ. Быйылгы дьылга туох эмит саҥа уларыйыы баар дуо?
— Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата 2003 сыллаахтан үлэлиир, бу сылтан ыла улууска элбэх ыал дьиэлэннэ-уоттанна. Бу бырагырааманан, бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, о.э. учууталлар, доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии, култуура, физкултуура уонна социальнай өҥө үлэһиттэрэ ылаллар. Манна кэккэ ирдэбиллэр бааллар. Бастатан туран, дьиэ туттуон баҕалаах дьон дьиэҕэ наадыйааччылар учуоттарыгар турар буолуохтаахтар. Иккиһинэн, бу этиллибит салааларга үлэлээх буолуохтаахтар уонна бэйэлэриттэн дьиэ туттарга харчылаах буолаллара ирдэнэр, дьиэ уопсай тутуутуттан 30% итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Урукку өттүгэр «гражданнар» уонна «эдэр ыаллар уонна исписэлиистэр» диэн икки хайысхаҕа арахсар эбит буоллаҕына, бу 2020 сылтан оннук арахсыы суох, барыта биир халыып буолар, ол гынан баран, хайаан даҕаны бу бырагыраамаҕа кыттаары сайабылыанньа биэрэ кэлбит киһи биир сылтан итэҕэһэ суох бүтэһик үлэтигэр үлэлээбит буолуохтаах уонна 5 сыл бу үлэтигэр үлэлиэхтээх, ханна даҕаны атын сиргэ көһөн барыа суохтаах, 5 сыл устата дьиэтин атыылыа, арендаҕа биэриэ суохтаах. Ити курдук улахан саҥа уларыйыылар бааллар.
— Бу бырагыраама нөҥүө элбэх киһи дьиэ туттуон баҕарар. Хоту сиргэ аҥардас бэйэ харчытынан дьиэ туттар, атыылаһар ыарахаттардаах. Баҕалаах элбэх да квота аҕыйах буолуо дуо?
— Оннук. Төһө харчы көрүллүбүтүнэн, улууска төһө нэһилиэнньэлээҕин көрөн квота аттараллар. Урукку өттүгэр улууска биэс-алта квота кэлэрэ. Атын хотугу улуустарга тэҥнээтэххэ, ити элбэх. Сорох хотугу улуустарга 2-3 эрэ биэрэллэр. Онтон Эбээн-Бытантайбыт саамай кыра улуустарга киирэр, ол гынан баран ортотунан квота көрүллэр дии саныыбын.
— Дьиэ туттарга субсидия бастакы уочарат кимнээххэ бэриллэрий?
— Тыа сирэ сайдарыгар, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтэргэ туһуламмыт бырагыраама буоларынан, тыа сиригэр үлэлиир, олорор тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бастакы уочарат субсидияны ылаллар.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын үлэһиттэрэ диэҥҥэ, холобура, биир боппуруос олус сытыытык турар. Урукку сылларга ГБУ ГП «Бытантай» үлэһиттэрэ субсидияны сатаан ылбаттар этэ. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын үлэһиттэригэр киирсибэттэр диэн. Тоҕо диэтэххэ, бу тэрилтэ бэйэтин тутула оннук, генофонднай питомник буоларын быһыытынан оҥорон таһаарыыга өҥө оҥоһуллубата. Онон ити салааҕа үлэлиир дьон субсидиянан сатаан туһаммата. Сити курдук Саха сирин үрдүнэн элбэх тэрилтэ баар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ буолан баран, оҥорон таһаарааччылар буолбатахтар диэн сатаан хапсыбат түгэннэрэ баар. Ол гынан баран, быйылгыттан ГБУ «Бытантай» тутула уларыйар дииллэр, КП буолар, оччоҕуна ферма үлэһиттэрэ субсидияны ылар кыахтаныахтара диэн этэллэр. Эмиэ ол курдук урут бэтэринээрдэр эмиэ ити бырагыраамаҕа киирсибэт этилэр, ону Арассыыйа бэтэринээрдэрэ бары туруорсан туран федеральнай бырагыраамаҕа уларытыы киллэртэрэннэр субсидияны ылар буолбуттара.
— Дьиэ тутуутун болдьоҕо хайдаҕый? Биир сыл иһинэн дьиэ тутуллан бүтүөхтээх диэн олус кылгас кэм курдук.
— Бу судаарыстыба бүддьүөтүн харчыта, ол иһин финансовай сылга көрүлүннэ да бу сыл иһигэр туһаныллыахтаах. Ол иһин сыл бүтүөр диэри туһаҕа таһаарыы быһыытынан хайаан даҕаны дьиэ тутуллан бүтүөхтээх. Бу бырагыраама ирдэбилэ оннук. Ону таһынан дьиэҕин туттан бүтэрээт, бэйэтин уонна кэргэнин, оҕолорун ааттарыгар уопсай бас билиигэ оҥоттороро хайаан да ирдэнэр.
— Бырагыраама иһинэн олорор усулуобуйаны тупсарыы диэн баар дуо? Баар буоллаҕына балаһыанньата хайдаҕый?
— «Олоруу усулуобуйатын тупсарыы» диэҥҥэ эмиэ саҥа уларыйыы баар. Холобур, мин саҥатык дьиэлээхпин, акылаата барыта үчүгэй, 42 кв. м. иэннээх, ол гынан баран икки оҕолоохпун, ол иһин мин дьиэм кыараҕас, оччоҕо мин бу дьиэбин салгыы тутарбар эбии 30 кв. м. дьиэ пристройдуурбар харчы көрүллүөн сөп. Ол онтон харчытынан 30% бэйэм уйунуохтаахпын диэн. Бу, биллэн туран, эрдэ субсидияны ылбатах, туһамматах буоллахпына.
— ФАПК «Туймаада» бырагыраама баар. Ол бырагыраама чэрчитинэн бэриллибит харчы бырыһыана суох кирэдьиит быһыытынан төннөрүллэр. Онтон бу бырагыраамаҕа киирэн дьиэ туттан эрэр дьон тыа хаһаайыстыбатын субсидиятын туһанар кыахтаахтар дуо?
— ФАПК «Туймаада» бырагыраамата эмиэ «олорор усулуобуйаны тупсарыы» бырагырааматын курдук судаарыстыбаннай бырагыраама, бырыһыанын эмиэ барытын судаарыстыба уйунар, харчы көрүллэр. Ол иһин ФАПК «Туймааданан» дьиэ туттубут дьон бу бырагыраамаҕа кыттар кыахтара суох. Судаарыстыбаннай көмө харчы буоларын быһыытынан.
— Тыа хаһаайыстыбатын субсидиятыгар, бастакы уочарат, табаһыттарга, сылгыһыттарга көмө харчы көрүллэр, онтон салгыы үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, социальнай хааччыйыы үлэһиттэрэ бараллар. Онтон «туһунан гражданнар категориялара» диэн баар дуо, бу дьоҥҥо квота тиийэр дуо? Мониторинг ыытыллар дуо?
— Аҕыйах үс сылга «туһунан гражданнар категориялара» диэн баар буола сылдьыбыта. Итиннэ, бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, онтон дьэ социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, кинилэр бары ааспыттарын кэнниттэн уочарат суох буоллаҕына биирдэ «туһунан гражданнар категориялара», о.э. атын тэрилтэ үлэһиттэрэ ылар этилэр. Итиннэ Ис Дьыала үлэһиттэрин курдук судаарыстыба дьиэнэн хааччыйар эбэһээтэлистибэлээх дьоно киирсибэттэрэ. 2020 сылтан «туһунан гражданнар категориялара» диэн суох буолар, о.э. бырагыраамаҕа тыа хаһаайыстыбатын уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрэ эрэ кыттар кыахтаналлар.
Мониторинг ыытыллар. Ол мониторинынан көрөн квотаны үллэрээһин баар буолар, ханнык улууска элбэх тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ субсидияны ыларый, ол аата тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр наадыйыы элбэх эбит диэн буолар. Ити тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр ордук болҕомто уурулларын быһыытынан.
— Бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктара ити бырагыраамаҕа кыттыахтарын сөп дуо?
— Кыттыахтарын сөп. Ол эрэн 1 сыл бааһынай хаһаайыстыба баһылыгын быһыытынан ыстаастаах буолуохтаах.
— Куоракка ипотечнай кирэдьииккэ дьиэни ылбыт дьон «олорор усулуобуйаны тупсарыы» учуотугар көстө сылдьаллар дуо?
— «Олорор дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга наадыйааччы» диэн учуокка ылалларыгар бу киһи Арассыыйа үрдүнэн дьиэлээх буоллаҕына, бу учуокка сатаан турбат.
— Бу бырагыраамаҕа кыттыан баҕалаах дьон бастакы уочарат ханнык докумуоннары оҥостуохтаахтарый?
— Сирдэрин учаастага хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Иккиһинэн, бэйэтиттэн булгуччу харчылаах буолуохтаах. Кини эрдэ бэйэтэ туттан испит дьиэ көҥдөйдөөх буоллаҕына, ол көҥдөйүн сыаналатан баран бэйэтиттэн дьиэ тутуутугар анаабыт харчытын көрдөрүөн сөп. Онтон дьиэтин көҥдөйө суох, бэдэрээччиккэ туттарар буоллаҕына, банковскай счетугар харчылааҕын туһунан выписка ылан көрдөрүөхтээх, харчыта тиийбэт буоллаҕына песионнай салааттан ыспыраапка ылан ийэ хапытаалын эмиэ көрдөрүөн сөп. 2020 сылтан бачча суумалаах дьиэни туттабын диэн хайаан даҕаны тустаах сметчиктарга оҥоһуллубут локальнай смета баар буолара ирдэниллэр, ол сметанан көрөн субсидия биэрэллэр.
— Эрдэ бэйэлэрэ сирдээх буоллахтарына, ол сирдэрин иһигэр дьиэ туттуохтарын сөп дуо?
— Эрдэттэн баар сирдэригэр дьиэ туттуохтарын сөп. Хааччах суох.
— Дьиэ атыылаһарга бу бырагырааманан туһаныахха сөп дуо?
— Дьиэ атыылаһарга субсидия көрүллэр. Бастатан туран, ол дьиэлэрэ хайаан даҕаны саҥа буолуохтаах, 5 сылтан эргэтэ суох диэн ааҕабыт уонна толору хааччыллыылаах буолара ирдэнэр, квадратнай иэнэ дьиэ кэргэннэрин ахсааныгар эппиэттиир буолуохтаах.
Сергей Аликов, тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта:
— Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьарыктанар дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматыгар дьиэни тутууга, атыылаһыыга уопсайа 26 сайабылыанньа киирэн сытар, бу иһигэр 10 АПК уонна 16 социальнай эйгэ үлэһитэ.
Биһиги улууспут дьоно бу бырагыраамаҕа киирсэн дьиэни туттууларыгар, атыылаһыыларыгар сүрүн кыһалҕаларынан бастакы докумуон бэлэмнээһинэ уонна отчуоту оҥоруу буолаллар. Ону тэҥэ дьиэ тутуутугар, атыылаһыытыгар бэйэлэрин өттүлэриттэн биэриэхтээх дьиэ уопсай сууматыттан 30% харчыны булуу уустуктардааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Саҥа ирдэбилинэн тутуллар дьиэ уунан хааччыйар систиэмэлээх, ону тэҥэ канализациялаах буолуохтааҕа эмиэ боппуруостары үөскэтэр. Кэлин бу ирдэбил биһиги улууспут олохтоохторун биһирэбилин ылыаҕа диэн бүк эрэллээхпин, тоҕо диэтэр, тыа сиригэр толору хааччыллыы киириэхтээх, оннук буолар кэмэ да кэллэ.
Маны таһынан саҥа дьиэ тутуллар болдьоҕо олус кылгаһын бэлиэтиир наада, биһиги курдук киин сиртэн ырааҕынан тайаан сытар хотугу улууска биир сыл иһигэр дьиэ туттан, иһин-таһын барытын бүтэрэн киирии судургута суох үлэ.
Маныаха тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьиэ туттуу, атыылаһыы бырагырааматыгар киириэн баҕалаах дьоҥҥо сүбэлиэм этэ, бастатан туран, сир докумуонугар болҕомто уурар наада, сир учаастагын ылыы, бары кадастровай үлэтин ыытыы булгуччулаах.
Ааптар: Сардаана Копырина