Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэ сүрүн салалтатын салайааччыта Павел Гарин «Грозит затопление 100 населенным пунктам Якутии” иһитиннэриитигэр ааҕааччылар долгуйалларын биллэрэллэр.
Бу иһитиннэриигэ этиллибитинэн, Эбээн Бытантай улууһугар Кыһыл Балыктаах уонна Күөгүлүүр күөллэр таһынан тахсар кутталлаахтарын, оччотугар Баатаҕай Алыытын сэлиэнньэтигэр уу кэлиэн сөп, диэн буолар.
Бу туһунан Эбээн Бытантай улууһугар Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Виктор Стручковтан быһаарарыгар көрдөстүбүт.
— Биһиги 2010 сыллаахтан СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бу куттал туһунан иһитиннэрэбит. Уу Департаменын исписэлииһин ыытыахтаах этилэр, кэлэ илик. Күһүн сир ирдэҕинэ кутталлаах быһыы үөскүөн сөп, саас ирбэт тоҥ куттала суох. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн кэтээн көрөбүт, саас, күһүн уу кээмэйин ылабыт, — диэтэ кини.
Суруйда «Бытантай уоттара» хаһыат.
This post was published on 03.05.2024 17:01 17:01