Эбээн-Бытантай улууһугар доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт декада ахсынньы 2 күнүттэн саҕаланна. Түмүктүүр тэрээһининэн оҕолорго Саҥа дьыллааҕы утренник бу ый 24 күнүгэр буолуоҕа.
Бу күннэргэ Саккырыырга киин балыыһаҕа, МФЦ-га, биэнсийэ пуондатыгар уо.д.а. тэрилтэлэргэ аһаҕас күннэр ыытылыннылар. Аадырыстарынан сылдьан көмө оҥоһулунна, итиэннэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолордоох төрөппүттэргэ “Үүнэбит, сайдабыт, инникигэ эрэллээхпит” семинар-практикум буолан ааста.
Сэргэх тэрээһининэн Оҕо спортивнай оскуолатыгар ыытыллыбыт хабылык, хаамыска, саахымат, дуобат остуол оонньуулара буоллулар. Тэрээһин элбэх оҕону түмэн, кэрэхсэбиллээхтик ааста. Улууска инбэлииттэри кытта үлэлиир реабилитолог исписэлиис Христина Слепцова, истибэттэр түмсүүлэрин салайааччыта Евдокия Слепцова, оҕолор, төрөппүттэр бу спортивнай күрэҕи ыытарга күүс-көмө буолбут Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын үлэһиттэригэр, дириэктэр Дмитрий Саввиновка уонна “Бытантай уоттара” хаһыат эрэдээксийэтигэр махталларын этэллэр.
Декада сүрүн тэрээһиннэрин түмүктүүр дьоро киэһэ «Гарпан» култуурунай кииҥҥэ буолан ааста. Манна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон оҥоһуктарын, уруһуйдарын быыстапкалара үгүс сэҥээриини ылла диир тоҕоостоох. Улуустааҕы киин библиотека салайааччыта Тамара Слепцова «Олоҥхо норуот сүдү айымньыта» диэн улуу айымньылары билиһиннэрэн кэпсээтэ уонна олоҥхо быһа тардыыларын иһитиннэрэн оҕолор сэҥээриилэрин тарта.
«Тугусил» народнай ансаамбыл, «Аянеса» көрдөрүүлээх этно-фольклорнай ансаамбыла, «Үргэл» вокальнай куруһуок оҕолоро имигэс үҥкүүлэринэн, ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Тэрээһин уопсай хаартыска түһүүтүнэн, көрдөөх оонньууларынан түмүктэннэ.
Х.А. Горохова, улуустааҕы социальнай харалта 1 категориялаах исписэлииһэ, реабилитолог:
— Биһиги улууспутугар барыта 195 доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон баар, мантан 21 оҕо. Бу дьоммутугар ураты болҕомто наада буолара саарбаҕа суох. Ким эрэ төрүөҕүттэн ыалдьан, ким эрэ олох араас охсууларыттан бу араҥаҕа киирэр. Ааһан эрэр сылга 24 киһи чэбдигирдэр-эмтиир кииннэргэ сырытта, үөрэнна. Бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 895 тыһ.407 солк. туһанылынна. Биэс киһи дьиэлэригэр социальнай көмөнү, өҥөнү ылаллар.
Инбэлиит дьон дьиэҕэ олорон хаалбаттарын туһугар араас таһымнаах үлэ ыытыллар. Биллэн турар, көрүллэр көмөлөр, оҥоһуллар өйөбүллэр маннык дьон күн аайы көрсөр кыһалҕаларын барытын быһаарбаттар. Ол эрэн, кыра да болҕомто, тулалыыр дьон эйэҕэс сыһыаннара ыалдьар киһиэхэ туохтааҕар да күндү, сарсыҥҥыга эрэл санааны саҕар. Истибэттэр түмсүүлэрин салайааччыта Евдокия Слепцова биир күнүн-түүнүн умнан туран, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон кыһалҕатын быһаарсар, бу дьон уопсастыбаттан тэйбэттэрин туһугар сүүрэр-көтөр, үлэлиир киһибит. Киниэхэ махталбыт муҥура суох.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон доруобай киһиттэн туох да уратыта суох. Кинилэр ортолоругар айылҕаттан айдарыылаах, араас интэриэһинэй дьарыктаах дьон элбэх. Биир оннук чаҕылхай холобурунан, Саха сиригэр биллэр-көстөр, “Этигэн хомус” музыкальнай бириэмийэ хас да номинациятын кыайыылааҕа Михаил Уманов буолар. Михаил оһол түмүгэр бу араҥа киһитэ буолан, олорон хаалбакка, сөбүлүүр дьарыгын ырыа айарын, ыллыырын бырахпакка, муусука эйгэтиттэн тэйбэккэ араас куонкурустарга, улахан тэрээһиннэргэ кытта, кыайа-хото сылдьарыттан биир дойдулаахтара бары олус үөрэбит-астынабыт, киэн туттабыт.
Х.А. Горохова иһитиннэрбитинэн, сылын аайы улууска “Саҥа дьыллааҕы бэлэх” аахсыйа ыытыллар. Манна 21 оҕоҕо үөрүү, саҥа дьыллааҕы настарыанньа бэлэхтииргэ көмөлөһөн 21-тэн тахса улуус тэрилтэтэ кыттар. Маны таһынан, дьокутаат Иван Иванович Андреев сыл аайы саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытан, болҕомтотун ууран олус үөрдэр.
Ааптар: Илана Колесова.