Быстах сынньалаҥҥа кэлбит байыаҺы биир дойдулаахтара көрүстүлэр. Эбээн-Бытантайга патриоттуу санаа хас биирдиилэригэр олохсуйар.
«Байыас төрөөбүт нэҺилиэгэр киириитигэр эбээн омук сиэринэн аал уот оттон, сири- уоту аҺатан, оҕобутун арчылыы араҥаччылыы сылдьарыгар көрдөстүбүт. Уолбут, Һуу дойдум барахсан аҕыннахпын, салгына эчи үчүгэйин, диэн чугас дьонун кытта куустуҺан ылбыттара барыбытын долгутта. Сынньалаҥым кылгас, сотору төннөбүн. Дойдум, дьонум ахтылҕана күүстээх буолар эбит, көмүскүүр санааны күүҺүрдэр, диэн кылгастык, сэмэйдик санаатын үллэҺиннэ», — диэн Кустууртан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Тамара Шадрина кэпсиир.
Бытантай уоттара хаһыат.
This post was published on 07.02.2024 12:36 12:36