Эбээн-Бытантай учууталлара волонтердар хамсааһыннарын саҕалаатылар

Эбээн-Бытантай улууһугар коронавирустан сэрэтэр миэрэлэр ылыллан, оҕолор уонна аҕам саастаах дьон дьиэлэриттэн ыраах тэйиччи бараллара хааччахтанна. Бу судургута суох кэмҥэ, аҕам саастаах дьону өйөөн, биир бастакынан Саккырыыр орто оскуолатын үлэһиттэрэ волонтерскай хамсааһыны саҕалаатылар.


Түгэһиир нэһилиэгэр олорор кырдьаҕас учууталга, оскуола бэтэрээнигэр Анна Романовна Никитинаҕа оскуола учууталлара кэлэннэр, дьиэ ис-тас үлэтигэр күүс-көмө буоллулар.

«Дьиэм иһигэр кыстаммыт маһа, уута суох олордохпуна, оскуолам учууталлара Егор Дмитриевич Прокопьев, Юрий Васильевич Сотрудников кэлэннэр, маспын кыстаан, уубун таһан биэрдилэр. Эбиитин кэлэр нэдиэлэҕэ таһырдьа сытар маспын тэлгэһэм иһигэр кыстыах буоллулар. Ыаллыы олорор Акулина Афанасьевна килиэппин атыылаһан, Виктор Викторович «Түмсүү» кууһунан атыылыыр маҕаһыынтан бородууктабын аҕалан биэрэн олус абыраатылар. Бу эппит үтүө санаалаах дьоммор уонна профсоюз бэрэссэдээтэлигэр Елена Алексеевнаҕа, Раиса Серафимовнаҕа барыларыгар улахан махталбын биллэрэбин. Бары үтүөнү, кэрэни, дьолу баҕарабын», – диэн аҕам саастаах учуутал Анна Романовна уйадыйан, үөрэн, долгуйан туран кэпсээтэ уонна ис сүрэҕиттэн махтанна.

Бу курдук аттыбытыгар баар аҕам саастаах дьоммутугар көмөлөһөн, кинилэр олохторун чэпчэтэн, үтүөнү оҥоруу бастыҥ холобурун Саккырыыр орто оскуолата көрдөрдө, диэн суруйар https://ulus.media

This post was published on 03.04.2020 17:04 17:04