Эбээн-Бытантай полициятын үлэтин кыһалҕалара

Арассыыйа ИДьМ Эбээн-Бытантайдааҕы полиция пуунун салайааччыта, майор Макитов Иван Иннокентьевич иһитиннэрбитинэн, олохтоох дьуһуурунай чааһы былырыын алтынньыга сарбыйбыттар. «Дьиҥэр, бу туспа оройуон буоллаҕа, ол иһин саамай наадалаах сулууспаны суох гынныллар«, — диир кини.


Иван Макитов этэринэн, Эбээн-Бытантай улууһугар араас ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына суһал дьаһалы дьуһуурунай чаас ылара. Билигин быһылаан тахсар түгэнигэр барыы-кэлии суоҕуттан сылтаан, балаһыанньа өссө дириҥээн хаалыан сөп.

«Быстах кэмнээх изолятор эмиэ дьуһуурунай чаас суох буолан үлэлээбэт. Бу боппуруос быһаарыыта олус уустук уонна билигин аһаҕас турар. Уопсайынан, штаты сарбыйыы түмүгэр элбэх өйдөммөт уонна сатала суох балаһыанньа тахсар. Ардыгар учаастактааҕы үлэһити соҕотохтуу ыыппат туһуттан бэйэм тэҥҥэ сылдьыһар түгэннэрим эмиэ бааллар. Дьиҥэр, салайааччы пуунсуйата атын буоллаҕа», — диир кини.

Салгыы ис састаап кыһалҕаларын кэпсээтэ. Онно иһитиннэрбитинэн, Эбээн-Бытантай улууһугар көрүллэр дознаватели «үлэтэ аҕыйах диэн» Баатаҕайга көһөрбүттэр. Билигин следователь дуоһунаһын туруорса сылдьаллар. «Оччоҕо Дьааҥыттан кэлэллэрин күүппэккэ, силиэстийэлиир үлэни бэйэбит ыытыа этибит«, — диэн быһаарар салайааччы.

Өссө биир кыһалҕаларынан үлэлиир дьиэлэрэ эргэтэ буолар. 1965 сыллаах тутуу ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтэ биллэр. «Оройуон дьаһалтата болҕомто ылыан сөп этэ дии саныыбын. Оройуон сайда турар, нэһилиэнньэ эбиллэн иһэр, ол иһин бэрээдэк харыстабылыгар турар полиция үлэһиттэригэр усулуобуйа тупсарарга үлэ барыан наада. Оҕо, олохтоохтор, нэһилиэк социальнай эбийиэктэрэ, суол-иис өттө куттала суох буолуутун көмүскээһинин полиция хаччыйар», — диэн быһаарар Иван Иннокентьевич.

Улуус үрдүнэн билиҥҥи уонна урукку кэми тэҥнээн көрдөххө, буруйу оҥоруу аҕыйаабыт. 2012 сыллаахха үүнэр көлүөнэ, эдэр ыччат бэрээдэгэ мөлтөҕүн бэлиэтиир. «Блатная романтика» баара күүскэ биллэрэ, балаһыанньа уустуга. «Билигин нэһилиэнньэ, үүнэр көлүөнэ бэрээдэгэ тосту көннө. Информационнай бэлиитикэ күүскэ үлэлиирэ биллэр. Бары чөл олох, спорду күүскэ өрө тутуу буолан, олох тубуста. Биллэн турар, кыра кыралаан быһылааннар тахсаллар, ол гынан баран сайдыы-тупсуу суолугар үктэммиппит үөрдэр», — диэн эбэн эттэ кини.

Ааптар: Илана Колесова, «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа

This post was published on 08.11.2019 12:41 12:41