Эбээн Бытантай Кустуур нэһилиэгэр умайбыт оскуола оннугар саҥаны тутуохтара. Атырдьах ыйыгар эбийиэк бырайыагын-сметатын оҥорууга куонкурус биллэриллиэ. Бу туһунан Арктиканы сайыннаары министиирин солбуйааччы Михаил Погодаев социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Кустуурга саҥа оскуоланы тутууга инвестиционнай бырагыраамаҕа эбийиэк бырайыагын-сметатын оҥорууга үп көрүллэн сытар. Күрэх атырдьах ыйын саҥатыгар биллэриллиэ. Ол кэннэ тутууга үп көрүллэрин туруорсуохпут», — диэтэ Михаил Погодаев.
Миниистири солбуйааччы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн умайбыт оскуола ахсаана элбэҕин, Кустуур оскуолата бэрээдэк быһыытынан тутуллуон эттэ. Кини оскуола сотору кэминэн тутуллан, оҕолор үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэниэхтэригэр баҕарарын эттэ.
Кустуур оскуолата бу сыл тохсунньу 29 күнүгэр умайбыт. Бастаан оскуолаҕа самалык тутуллубут спортсаалата умайбыт, онтон уот оскуолаҕа көһөн бүтүннүү уокка былдьаммыт.
This post was published on 29.07.2021 13:01 13:01