Эбээн-Бытантай национальнай улууһун оҕо спортивнай оскуолата «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» национальнай бырайыакка ылсар. Бу күннэргэ дьыссаат саастаах оҕолору кытта спортивнай хайысхаҕа дьарыгы саҕалаатылар.
Эбээн-Бытантайдааҕы оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Саввинов эппитинэн, «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» национальнай бырайыак улууска саҕаламмыт. Дьыссааттары кытта спортивнай хайысхаҕа холбоһуктаах дьаһаллара 2019-2020 үөрэх дьылыгар тэриллибит. Бу бырайыак сүрүн сыалынан оҕону эт-хаан өттүнэн эрчийии, оҕо уйулҕатын чопчу билэн, кини кыаҕын учуоттаан, баҕатын сэргэҕэлээн, чочуйан чөл куттаах оҕону иитэн таһааарыы буолар. Бастакы кылааска киирэригэр оҕо бэйэтин кыаҕын билэн, сөптөөх суолунан дьарыктанан тахсарыгар олук уураллар.
— Биһиги тренердэрбит оҕо уһуйаанын улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөрүн, ол эбэтэр 5-тэн 7-тигэр диэри саастааах оҕолору хабыахтара. Уопсайа 4 хайысханан нэдиэлэҕэ үстэ дьарыгы ыытыахтара. Дуомат, саахымат – тренер Абрамов П.Д. Өбүгэ оонньуута (хаамыска, хабылык) – тренер Саввинов О.Д. Тустууга тренер Стручков В.В. эрчийиэҕэ. Чэпчэки атлетикаҕа тренер Стручков Вл.В.
Оҕолор дьарыкка оптуорунньук, сэрэдэ, чэппиэр сылдьыахтара. Маны таһынан бырайыак сүнньүнэн бу үөрэх дьылыгар элбэх тэрээһин ыытыллара былааннанарын эттилэр. Холобур, төрөппүт уонна оҕо спортка чугас буолалларыгар анаан «Мин айылҕа оҕотобун» диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ уонна да атын спортивнай көрүҥнэринэн тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Ааптар: «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа
This post was published on 03.10.2019 10:22 10:22