Эһиилгиттэн «Земскэй култуура үлэһитэ» бырайыак үлэлиэ

Тыа сиригэр култуура үлэһиттэрин тардар сыалтан 2021 сылтан «Земскэй култуура үлэһитэ»  бырайыак олоххо киирэр чинчилээх. Бу туһунан от ыйын 15 күнүгэр регионнары кытары мунньахха Госдума култуураҕа кэмитиэтин салайааччытын бастакы солбуйааччы Ольга Казакова эттэ диэн, «Парламентскай хаһыат» суруйар.


Уһук илиҥҥэ тыа сиригэр үлэлии барар дьоҥҥо биир кэмнээх көмө 2 млн солкуобай буолуо, Россия атын уокуруктарыгар — 1 млн. Бырагыраама билиҥҥитэ алта сылга диэри болдьохтоох. «Земскэй култуура үлэһитинэн» саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит дьону тэҥэ 55 саастарыгар диэри идэлээх дьон буолуохтарын сөп. Саха сиригэр култуура үлэһиттэрэ ордук хоту улуустарга наадаларын туһунан СИАҕа култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата этэр.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/planiruetsya-zapusk-programmy-zemskij-rabotnik-kultury-na-dalnem-vostoke-vyplaty-sostavyat-2-mln-rub/

This post was published on 20.07.2020 17:01 17:01