23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Эһиилгиттэн "Хаҥалас хапсаҕайа" Бүтүн Россиятааҕы таһымнаныа

16:20, 08 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күрэхтэһиигэ Сахабыт сирин хоту улуустарыттан — Өймөкөөнтөн, Дьааҥыттан, Өлөөнтөн, Орто Халыматтан, Булуҥтан тиийэ, Бүлүү уонна киин эҥээр улуустартан, Дьокуускай  үрдүк үөрэх кыһаларыттан барыта 26 хамаандаттан 263 бөҕөс, ол иһигэр 52 Саха сирин спордун маастара күөн көрүстүлэр.

Күрэхтэһии аһыллыытыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А. Добрянцев, дьокутаат Н.И. Румянцев, СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистирэ А.С. Владимиров, Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыга Г.Ю.Алексеев, И.П.Кондратьев үөрэнээччитэ С.А. Киров, Уус Алдантан Баһылай Манчаары аатынан I спартакиада кыайыылааҕа И.С. Заровняев бөҕөстөрү эҕэрдэлээтилэр, хапсаҕай аксакала А.Е.Мостаховка 70 сааһынан эҕэрдэ истиҥин эттилэр, судьуйалар ааттарыттан Олег Дадаскинов ырыа бэлэхтээтэ.

Россия спортка миниистирэ Виталий Мутко Махтал суругунан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах судьуйа И.Н. Птицын, ССРС, РФ, СӨ спордун маастара Г.П. Егоров,  Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕор И.С. Заровняев наҕараадаланнылар. СӨ хапсаҕайга федерациятын президенэ, Ил Түмэн дьокутаата Н.И.Румянцев «Спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга үтүөлэрин иһин» түөскэ анньыллар бэлиэни, ону кытта хапсаҕайдаһан тустууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастарын аатын бигэргэтэр дастабырыанньалары Макар Зыряновка, Ньургун Павловка, Мирон Дьяконовка дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда. СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистирэ А.С.Владимиров Нөмүгү нэһилиэгин олохтооҕо В.А. Никифоровка “Үүнэр көлүөнэни иитиигэ үтүөлэрин иһин» бэлиэни, Покровскайдааҕы колледж преподаватель-инструктора С.С. Тихоновка Махтал суругу туттартаата, ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.

Түһүлгэҕэ хара маҥнайгыттан сытыы хапсыһыылар саҕаланнылар. Барыллааһын хапсыһыыларга бэлэмнээх тустууктар утарсааччыларын түҥнэритэ көтүөлээн кыайыы көтөллөнөн, иннилэрин диэки дьулуруйан истилэр. Кэтэсиһэн кэтэмэҕэйдэһэн турбакка, утарылаһааччыларын көтөҕөн таһааран быраҕыылар, утарыта  атахтааһыннар, “түргэннээһиннэр”, атах ис өттүттэн олуйан охторуулар, умсарыта тардыылар, тоҥолохтон тутан эрийэ тутан охторсуулар итинтэн да атын хамсаныылаах хапсыһыылар көрөөччүлэри ууга-уокка түһэрэн, Спорт дыбарыаһа ыалдьааччылар хаһыыларынан-ыһыыларынан ньиргийэн олордо.

Түмүк хапсыһыылар — эр дьон

Ити курдук, икки күннээх «Хаҥалас хапсаҕайын» соргулаах түһүлгэтигэр кыайыылааҕы быһаарар тустуулар кэмнэрэ-болдьохторо кэлэн ыалдьааччылар иннэ-бүргэс үрдүгэр олордулар.

55 кг – бу ыйааһыҥҥа 37 бөҕөс, ол иһигэр 3 спорт маастара күрэстэстилэр. Кыайыылааҕы быһаарар хапсыһыыга Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх спорт маастара Василий Слепцов Хаҥаластан Иван Лопатыреву өттүктээн охтордо. Үһүс миэстэни СӨ спордун маастара Илья Тимофеев (Хаҥалас) ылла.

62 кг – бу ыйааһыҥҥа барыта  59 бөҕөс, ол иһигэр 11  хапсаҕай маастара күөн көрсүбүттэрэ. Түмүк киирсиигэ Үөһээ Бүлүүттэн Егор Иванов «буруолуу сылдьар” маастары Ньургун Давыдовы бүдүрүттэ. Бүлүүттэн Дмитрий Ущницкай бэрт сыралаах киирсиигэ үһүс миэстэ буолла.

70 кг —  53  тустуук, ити иһигэр 8 спорт маастара кытынна. Үөһээ Бүлүүттэн, Боотулуу орто оскуолатын дириэктэрэ Рустам Прокопьев күүстээх маастар Ньургун Егоровы илиититтэн ылан умса тардан үһүс төгүлүн кыайыылаах аатын ылла.  Үһүс миэстэҕэ кумахха тустууга аан дойду чемпионатын икки төгүллээх призера Денис Сивцев (Хаҥалас) таҕыста.

80 кг —  36 бөҕөс көбүөргэ тахсыбытыттан, тоҕуһа спорт маастара. Таатта бастакы разрядтаах бөҕөһө Александр Халыев маастар Роберт Сидоровы атаҕын тас өттүттэн олуйан охторон, “Хаҥалас хапсаҕайыгар” аан бастаан бастаата. Үһүс миэстэни көҥүл тустууга Россия чемпиона биир дойдулаахпыт Прокопий Петров ылла.

90 кг – 14 бөҕөс туһунна. Манна Үөһээ Бүлүүттэн уопуттаах тустуук Былатыан Саввинов бастаата, кини быраата Гаврил Саввинов үһүс миэстэҕэ таҕыста. Күөх Ньурбаттан Рустам Иннокентьев иккис буолла.

 90 кг үөһэ – 14 бөҕөс, ол иһигэр 3 спорт маастара туһунна. Манна, Үөһээ Бүлүүттэн Увар Тимофеев бастаата. Иккис миэстэҕэ Чурапчытааҕы физкультурнай институт студена Николай Николаев таҕыста. Үһүс миэстэҕэ Баир Укоев (Дьокуускай) тигистэ.

Түмүк хапсыһыылар — бэтэрээннэр

60 кг – биир дойдулаахпыт Алексей Дорожкин Таатта бөҕөһө Дмитрий Сабарайкины атаҕар киирэн, түҥнэри көттө. Бу ыйааһыҥҥа үһүс миэстэни аатырбыт тустуук Захар Дьячковскай (Дьокуускай) ылла.

70 кг –  көҥүл тустуу маастара, хапсаҕайга 1 разрядтаах, Сунтаар улууһун физическэй культураҕа уонна спортка кэмитиэтин салайааччы Семен Павлов утарсааччытын — Нам улууһуттан сылдьар Николай Парниковы атаҕынан олуйан, түөрэ тэбэн түһэрдэ. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Кэбээйиттэн Егор Данилов таҕыста.

80 кг – манна 9 бөҕөс, ол иһигэр 3 хапсаҕай маастара күөн көрсүбүттэрэ. ССРС, СӨ спордун маастара, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Михаил Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас) Таатта бөҕөһүн Василий Бурмистровы бүдүрүттэ. Үһүс бириистээх миэстэни Егор Винокуров (Нам) ылла.

90 кг – Таатта талыы бөҕөһө, РФ уонна СӨ спордун маастара Григорий Массаев Өлөөнтөн сылдьар утарсааччытын Иван Николаевы атахха киирбитэ буолан иһэн, умса тардан кыайда. Манна боруонса мэтээли спорт маастара Дьокуускайтан Станислав Афанасьев ылла.  Бу ыйааһыҥҥа 10 бөҕөс, ол иһигэр 3 спорт маастара тустубута.

90 кг үөһэ ыйааһыҥҥа – сэттэ бөҕөстөн, алтата спорт маастара. Бу сырыыга Дьокуускай бухатыыра Александр Румин биһиги Вячеслав Константиновпытын баһыйан бастаата. Иккискэ Үөһээ Бүлүүттэн ОДьКХ үлэһитэ Валерий Иванов таҕыста. Вячеслав Константинов үһүс миэстэнэн дуоһуйда.

Төрүт хапсаҕай

“Төрүт хапсаҕай” күрэҕин биир дойдулаахпыт «Якутгазстрой» генеральнай дириэктэрэ Петр Иванов алта сыл анараа өттүгэр төрүттээбитэ. Манна барыта биэс паара бөҕөс, бары СӨ спордун маастардара, суруттаран, албас арааһын, хамсаныы кытаанаҕын көрдөрдүлэр. Түмүккэ Бүлүү бөҕөлөрө, бэйэлэрин ыйааһыннарыгар миэстэлэспэтэх Андрей Захаров уонна Василий Александров судьуйалар быһаарыыларынан бастыҥнарынан буоллулар. Кыайыылаахтар «Уус-Экспо» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Надежда Платонова туруорбут бирииһин — саха быһаҕынан бэлиэтэннилэр.

Муҥутуур кыайыылаах — Николай Николаев

ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Илья Петрович Кондратьев сырдык кэриэһигэр муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар турнирга барыта 13  ааттаах-суоллаах бөҕөс кытынна. Увар Тимофеев Роберт Сидоровка хотторон эрдэ туораата. Түмүккэ, Бүлүү  Дьөккөнүттэн төрүттээх, билигин Чурапчытааҕы физкультурнай институкка үөрэнэр СӨ спордун маастара Николай Николаев утарсааччытын — РФ спордун маастара Баир Укоевы кыайан “Якутэнерго” генеральнай дириэктэрэ О.В.Тарасов туруорбут 100 тыһыынча солк. И.П.Кондратьев уола О.И.Кондратьев илиититтэн ылан уонна урбаанньыт Т.Т.Тимофеев туруорбут бэдэр тириитинэн биһирэнэн соргута улаатта.

Эһиил XX төгүлүн ыытыллыахтаах “Хаҥалас хапсаҕайа” маастар нуормалаах Бүтүн Россиятааҕы түһүлгэни тэрийиэ, ыраахтан-чугастан ааттаах-суоллаах бөҕөстөр күөн көрсө кэлиэхтэрэ, саҥа ааттар ааттаныахтара!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА