Эһиил 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһугар тэриллиэҕэ. Хаамыһыйа тэриллэн номнуо бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмыта. Сэтинньи 14 күнүгэр олоҥхо ыһыаҕын тэрээһиннэригэр аналлаах мунньах буолбута, суруйда Саха парламент саайта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах бөлөх Кэбээйи тиийэн туох үлэ-хамнас ыытыллан эрэрин, сүрүн соруктары дьүүллэстилэр. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, Кэбээйи улууһун баһылыга Иван Левин, “Уран” дизайн-устуудьуйа дириэктэрэ Вячеслав Яроев, олохтоохтор кытыннылар.
Култуура миниистирэ Афанасий Ноев 35 киһилээх тэрийэн кэмитиэт тэриллэн бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыттарын иһитиннэрдэ. Быйыл үстэ мунньахтаабыттар. Олоҥхо ыһыаҕар сахалыы тыыннаах элбэх тутуу ыытыллар үгэстээх. Эһиил ыһыах сүрүн эбийиэктэрин тутуутугар көмө-өйөбүл буолар пуондалар тэриллибиттэр. Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах билим-чинчийэр кэмпириэнсийэни кэлэр сыл олунньутугар тэрийэр былааннаахтар. Манна сонун идиэйэлэр, көрүүлэр киириэхтэрэ.
Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕын режиссёра – Саха академическай тыйаатырын сүрүн режиссёра Руслан Тараховскай.
Мунньахха ыһыаҕы тэрийиигэ үлэлиир хамыыһыйалар – эбийиэктэри тутар, аһынан-үөлүнэн хааччыйар, айаны-сырыыны тэрийэр, дэлэгээссийэлэри түһэртииргэ эппиэттиир дьон – туох үлэ ыытыллан эрэрин иһитиннэрдилэр.
“Тэрээһин үлэтэ болдьоммут кэмигэр этэҥҥэ баран иһэр”, – диэн Сергей Местников түмүктээтэ. Кини Кэбээйи олохтоох дьонун-сэргэтин Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
This post was published on 21.11.2025 15:05 15:05