Эһэ Миисэ тугу биттэнэн, быйыл тоҕо бачча эрдэ уһугунна? (ВИДЕО)

Дьокуускайга “Байанай” кулууп Маҥанныыр суол кытыытыгар баар тургутар-эрчийэр станциятыгар Миисэ диэн түөрт саастаах атыыр эһэлээхтэр. Кыһыны быһа арҕахха утуйа сыппыт кыыл тоҕо эрэ бүгүн уута уйгууран, туран кэлэн, тыыллаҥныы, хаамыталыы сылдьарын харабыл уол көрөн иһитиннэрбит.


“Дьэ, дьикти, — диир булчут ыттаах дьон “Байанай” кулууптарын салайааччыта, “Байанай” сурунаалы тэрийэн таһаарааччы Юрий Борисов. – Былырыын эмиэ арыый эрдэлээн, кулун тутар 8 күнүгэр уһуктубута. Ол иннинэ наар кулун тутар ортотугар уһуктааччы. Бу күннэргэ күнүс сааскылыы ылааҥыран, халлаан сылыйбытын биллэ быһыылаах. Эбэтэр сааспыт эрдэлээри гыммытын биттэнэрэ дуу?.. Син-биир айылҕа оҕото буоллаҕа”.

Юрий Петровичтан таарыйа Госдуума дьокутааттара “Булт уонна булт ресурсаларын туһунан” федеральнай сокуоҥҥа булчут ыттары эһэҕэ тургутууну хааччахтыыр ыстатыйаны киллэрэргэ сорунуулара хайдах-туох түмүктээх буолан эрэрин туоһуласпыппар: “Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров бэйэтин санаатын “булчут ыты эһэҕэ тургутуу соҕуруу киин уобаластарга дьону саататыы-көччүтүү эрэ курдук өйдөнүллэр буоллаҕына, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга үчүгэй булчут ыт ыалы аһатар, оттон ыксаллаах түбэлтэҕэ дьону өлүүттэн быыһыыр суолталаах” диэн ис хоһоонноохтук быһааран эппитэ. Сокуоҥҥа уларытыы барылын Федерация Сэбиэтэ өссө төгүл көрөн баран бигэргэттэҕинэ, РФ бэрэсидьиэнэ В.Путин илии баттыахтаах. Биһиэнин курдук анал оҥоһуулаах, оҕо аймах хараҕыттан тэйиччи турар станцияларга булчут ыттары уһун сыапка баайыллан турар эһэҕэ тургутууну көҥүллүөхтэрэ диэн эрэнэ күүтэбит”.

This post was published on 01.03.2018 10:00 10:00