Эҥэ дьоно былыр от үлэтин кэнниттэн олоҥхо истэ сүүрэллэрэ

Дьааҥы сирэ былыр-былыргыттан, төрүт саха дьоно силис курдук силигирии үксээбит дойдута буолан түөлбэ тыллара, былыргы ырыалара-тойуктара олоҥхоҕо иhиллэллэр. Дария Андреевна  Томская — Чаайка хоту саха дьиҥнээх олоҕун-дьаhаҕын, ырыатын-тойугун, тылын-өhүн, үгэhин этигэр-хааныгар иҥэриммит Айыл5а Киhитэ. Кини баччаларга хоту дойду кылгас сайынын — күнү баттаhа оттуу сылдьан дьааҥылыы тойуктуурун, от үлэтин кэнниттэн кини олоҥхолуурун дьон анаан баран истэллэрин туhунан кырдьаҕастар кэпсиир буолаллара.


Саха киhитэ ынаҕын, сылгытын кутуругуттан тутан хаалан, баччаҕа диэри туhунан тыллаах саха омук дэтэн олордоҕо. Маны таhынан төрүт тыына — тылыгар, ырыатыгар,-тойугар, үгэстэригэр баар.

Төhөнөн хоту баран истэх аайы былыргы «архаичнай» көстүү биллэн иhэрин чинчийээччилэр сэргии үөрэтэллэр.

Киhи Орто Дойдуга олорорун тухары Олох киэҥ өйдөбулүн, сир-дойду айыллыытын, Айылҕа араас көстүүлэрин өй-санаа нөҥүө анааран, тыыннаан, уобарастаан «үтүө, сырдык», «хараҥа, мөкү» диэн икки утарсыылары туруоран эпическэй остуоруйа оҥорон таhааран Үс Дойдуну ойуулуур. Манна сытар дириҥ уорҕалаах философия — наука, физика барыта.

Саха омук ураты айымньытын — олоҥхотун аан дойдуга таhаарбыт Ийэ олоҥхоhут Дария Андреевна  Томская-Чаайка өбүгэлэриттэн бэриллибит, кэhии тэҥэ кэлсибит этиттэриилээх түҥ кэм саҕанааҕы олоҥхолоро  Дьааҥы сахата  төрүт олохтоох дьон буолалларын кэрэhэлииргэ дылылар.

Даарыйа Чаайка үтүө аатыгар сүгүрүйэн, СӨ 2016 сыллаахха Дьааҥыга Олоҥхо Ыhыаҕын тэрийэн ыыппыта. Бу ыhыахха Дьааҥы дьоно хоту саха майгытын, олоҕун тутулун, үгэстэрин көрдөрбүттэрэ.

Дария Андреевна хоту саха дьиҥнээх олоҕун-дьаhаҕын, ырыатын-тойугун, тылын-өhүн, үгэhин этигэр-хааныгар иҥэриммит Айыл5а Киhитэ.

Кини баччаларга хоту дойду кылгас сайынын- кұнұ баттаhа оттуу сылдьан дьааҥылыы тойуктуурун, от үлэтин кэнниттэн кини олоңхолуурун дьон анаан баран истэллэрин туhунан кырдьа5астар кэпсиир буолаллара.

«Баччаларга, сир-дойду өлгөмүнэн өллөhұйбұт от кэмигэр кини кыра сааhыттан ұлэ саамай ыараханыгар сылдьаахтаатаҕа дии. Аатырар Намы күөлгэ уонна Лээбигэ оттуур этэ. Оту эҥин бэйэтэ охсооччу. Бэйэтэ бастаан Саадьахаан диэн, кэнникки Һэлликий диэн ынахтардааҕа. Уонна сайынын борохуот саһаана, от, кыһын от-мас тиэйиитэ. Мин кыра эрдэхпинэ кустуурун, куобахтыырын өйдүүбүн.

80-нун лаппа ааһыан тухары сайын Оһохтооххо кэлэн быраатын, уолаттарын батыһыннара сылдьан торбоско оттооччу. Эдэригэр кыһын хас эмэ оҕуһу көлүйэн ферма отун тиэйэрэ эбитэ үһү. 1960 сыллаахха диэри Кыталык Саарбыт диэн учаастакка олорбуттара. Онтон Оһохтооххо кэлтэрэ. 1970 с. кыыһыгар куоракка көспүтэ», — диэн Дарья Андреевна хаан-аймах балта СӨ култууратын туйгуна, СӨ олоңхоhуттарыттан биирдэстэрэ Мария Афанасьевна Стручкова сэhэргиир.

От үлэтин ұгэнигэр да киирбэт кұннээх түүннэргэ оччуттар олоңхо истэр быыс булаллара.

This post was published on 05.08.2020 17:01 17:01