Дзюдо иккис күнэ: Сибиир уонна Монголия иккилии "кыһыллаахтар"

«Эллэй Боотур» муус дыбарыаска буола турар дзюдоҕа күрэхтэһии «Азия оҕолоро» ыалдьааччыларын сэргэхситэр. Иккис күн киирсиитэ бастакыттан бэйэтин сытыытынан, кимиитинэн бастакы күнтэн уратыта суох буолла.


Эмиэ биир күн итии киирсиилэр буоллулар. Бу сырыыга Саха сирин хамаандатын бэрэстэбиитэллэрэ күрэхтэһиигэ кытыннылар. 52 кг диэри ыйааһыҥҥа 14 финалга күүстээх утарылаһыыга  Саха сириттэн Анита Тифус Уһук Илиҥҥи уокуруктан Наталья Захароваҕа хоттордо. Захарова финалга тиийэн, Монголия бэрэстэбиитэлигэр Сосорбарам Лхагвасуреҥҥэ иннин биэрдэ.

Монголия спортсменнара аан дойду таһымнаах киирсиини көрдөрөллөр. Финалга 60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уолаттарга Нармандах Баянмунх олус эрэллээхтик «кыһылы» ылла. Сибиир бөҕөһүн Илья Ильины хотто.

Монголлар кыайыыларын ситимин иккис күҥҥэ 57 киилэҕэ диэри Юлия Крутихина тохтотто. Кини ыалдьааччылар өйөбүллэринэн кынаттанан Тунамалтаж Дамдинсурены түҥнэрдэ. «Кырдьыгы эттэхпинэ, мин хотторуом дии санаабытым. Бу иннинэ икки монгол спортсмена олус ситиһиилээхтик киирсибиттэрэ. Ыарахан этэ, ол гынан баран, дзюдолуу сылдьан хотуохха сөбүн билбитим. Туох да эмоциям билигин суох, үөрэбин эрэ, дьэ, билэн эрэбин «Азия оҕолоро» кыайыылааҕа буолбуппун«, — Юлия Крутихина суруналыыстарга кэпсээтэ.

Уолаттарга 66 киилэҕэ диэри Москваттан Виктор Уваров Сибиир уокуругун спортсмена Сергей Скоробогатовтыын көрүстэ. Киирсии иккис аҥарыгар сибиряк москвиһы 10 очукуоҕа түһэрдэ уонна бүтэһиккэ диэри сатабыллаахтык көмүскэннэ, онон кыайыыны сурунна.

Финалга 63 киилэҕэ дылы кыргыттарга Сибиир бэрэстэбиитэлэ Ирина Терещенко Казахстан Соера Нирзахметованы кытта күөн көрүстүлэр. Төһө да баҕа баарын иһин, россиянка маастарыстыбата тиийбэтэ. Казашка ыраас кыайыыны ситистэ. «Кыайыым тренердэрим такайыыларынан, төрөппүттэрим, дьүөгэлэрим өйөбүллэринэн ситиһилиннэ. Наһаа ыарахан буолбатах, бэлэмнэниини күүскэ ааспытым. Бастакы киирсиим монголканы кытта кытаанах этэ», — кэпсээтэ чемпионка.

Уолаттарга 73 киилэҕэ диэри Урал хамаандатыттан Кирилл Рошка Сибииртэн Степан Гоптарга хоттордо. «Олус үөрдүм, ыарахан этэ, эмоция бөҕөтөбүн. Кыайаары манна кэлбитим. Кинилиин хаһан да киирсэ илигим, тактикатын билбэппин, ити эрээри син биир кыайдым. Олимпиадаҕа кыттыы туһунан ыраланабын, бары спортсменнар курдук«, — диэн Степан Гоптарь кыайаат санаатын үллэһиннэ.

Онон, иккис күн триумфатордарынан Сибиир дзюдоистара буоллулар: икки «кыһыл», икки «үрүҥ» уонна биир боруонса. Монголияҕа эмиэ икки кыһыл көмүс мэтээл, биир үрүҥ, икки боруонса тигистэ.

Бүгүн түмүктүүр күрэхтэһиилэр. 70, 78 уонна 78 кг үөһэ кыргыттарга, 81 кг диэри, 90 уонна  90 кг үөһэ уолаттарга кыайыылаахтар быһаарыллыахтара. Алта комплект мэтээл иһин 53 спортсмен киирсэр.

This post was published on 11.07.2016 13:14 13:14