Үгэспинэн, дьылдьыт, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига Андрей Варламовтан аны саас уонна сайын күммүт-дьылбыт тугу тосхойуохтарын, хайдах быһыыланыахтарын токкоолостум. Билэргит курдук, быйыл ордук хонуктаах эбэтэр 2024 сыл олунньута 29 күннээх. Ол эмиэ сабыдыаллыыр буолуохтаах.
– Дьон ыйыталаһаллар, сүгүннээбэттэр. Итиэннэ үөһэ Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархаҥҥа тиийэ эрдэттэн иһитиннэрэн-биллэрэн, дьаһал ылынныннар, үп-харчы аттарынныннар диэн, тутуу былдьаһар быһыым. Кырдьык, Былаҕачыанньыйабынан түмүктээн билгэлиир бигэ, эрэбил буолааччы. Муус устарга хайдах ириэрэриттэн уу кэлиитэ тутулуктаах. Былырыын мыраан үрдүгэр сыппыт миэтэрэ халыҥнаах хаартан таммах уу кэлбэтэҕэ. Быйыл даҕаны ону батан, ыйы быһа тыал-куус бөҕө түһүө. Хаардыыр курдук эрээри, тута көтүтэр чинчилээх. Хаарбыт быйыл халтаҥын ааһан, сааскы уһун хатааһын хаартан ууну бэрсиэ суоҕа.
Ыам ыйа быйыл эмиэ уратытык кэлиэ. Маай бырааһынньыктарын күннэригэр сигирээн хаар, сорох сиринэн хаар балачча түһүө. Кусчуттар көҥүл ылан, кус кэтэһэр кэмнэригэр тымныынан аҥылыйан, ууларын тоҥорон, моһуоктуур бадахтаах. Ньукуолуҥҥа ардаан, сири-уоту, тыаны, алаастары көҕөрдөн, дыргыл сытынан тунуйуо. Ый бүтүүтэ сылыйан, күөллэр ырбыыланан, сорох күөллэргэ ханчы собото тахсыа. Уот сиэбит ойуурдара быйыл наһаа ууланыахтара суоҕа. Ол оннугар тыалар кууран-хатан, талах, чэчинньиэр, чэчик эгэлгэтэ хойуутук тэбиэхтэрэ.
Бэс ыйа үүнэрин саха эр дьоно саас эрдэттэн тэринэн-оҥостон, күүтэбит. Саар Көстөкүүн саҕана, анды киирэр кэмигэр кэнники уонча сыл наар илинтэн тыалыран, кураанаҕы куустарар буолла. Анды тыалы утары көтөр буолан, илинтэн тыалга аанньа утаппат, ол иһин түспэт. Халыҥ үөрдээхтэр үксүгэр Алданынан Халыма туундаратыгар быһа дайбыыллар. Ол эрээри, тулуурдаах, үчүгэй мончууктаах, аһыы ууга аралдьыйбат кыттыгастар бэс ыйын 4 – 7 күннэригэр бултуйуохтарын болдьохпут кылгаһа харгыстыыр.
– Дьэ, аны сүөһүлээх-астаах тыа сирин олохтоохторугар уонна хаһаайыстыбаларга сыһыаннаан, тугу сылыктаан сылдьаҕын?
– Быйыл 2024 Хаһыйаан (ордук хонуктаах) сыла, 1941 сыллааҕыга майгынныыр бэс ыйа иһэр. Ааспыт сыл ахсынньы 1 күнүгэр халлаан умайбытын өйдүүр инигит. Маннык умайыы түбэһиэх сылга буолбат. Сир хамсааһына, булкаан эстиитэ элбиэн сөп. Эмиэрикэҕэ муора, акыйаан түллэннэр, куораттары ууга ыытыа. Сэриини күөртүүр аньыылара-харалара айылҕа алдьархайынан боруостаныаҕа.
Мин 75 сааспын көрсөр сайыммар, төһө даҕаны баҕарбатарбын, отуттан тахса сыл кэтээн көрүүбэр олоҕуран сылыктыыбын. Ама даҕаны ааспытын иһин, чурапчылар 1970 – 2000 сылларга элбэх эрэйи көрсүбүппүт, сайын аайы туораттан, ыраахтан оттуур сир көрдөнөрбүт. Ыарахан кыстыктар кыахпытын ылбыттара. Биир бэйэм 60 сыл тыа сиригэр үлэлээн кэллим эрээри, былырыыҥҥы курдук ардахтатан быыһаабыттарын өйдөөбөппүн.
Ааспыт 2023 сыл бэс ыйыгар айылҕа ардаҕын түһэрбэтэҕэ. Ил ДархаммытА.С. Николаев быһаччы дьаһалынан, бырабыыталыстыбабыт салалтатынан Чурапчыга бэс ыйын 12 – 14 күннэригэр, онтон 26 күнүгэр былыттары сөмөлүөтүнэн ытыалаан, ардаҕы түһэрбиттэрэ. Мин ол кэмҥэ дойдубар, Муҥудайга, сайылыы тахсан олорорум, онон илэ көрбүтүм. Ол түмүгэр от-мас, бэл диэтэр, дьэдьэн үүнэн, кураайы сирдээх-уоттаах Чурапчы дьоно айылҕаларыттан добуочча бэриһиннэрбиттэрэ. Уктара хаппатах хаптаҕас, моонньоҕон, дөлүһүөн, отон олус өлгөмнүк үүммүттэрэ. Онон айылҕаҕа көмөлөһөн, сөмөлүөтүнэн ардахтатыы туһаны, өҥү аҕалбытын ааспыт сайын эппитинэн-хааммытынан биллибит.
Ыам ыйыгар төһө даҕаны курааннаатар, сорох сирдэргэ үрэхтэр уулара сүүрүгүрдэллэр. Бэс ыйыгар ардаҕы икки төгүллээн түһэрбэтэххэ, быйыл сир-дойду кууран, кураан бөҕө буолаары турар. Айылҕа ардаҕа, өссө төгүл тоһоҕолоон эттэхпинэ, быйыл даҕаны бэс ыйыгар өнүйэн түһүө суоҕа. От тахсар кэмигэр сиик түспэтэр эрэ алаастарга аһыҥа өрө туруо. Илин эҥээрдээҕи улуустар курааннаатахтарына, саха сүөһүтэ-сылгыта эстэр.
Онон сиэттэрэн, көрдөһүүм биир: кураан сайын иһэринэн эрдэттэн былааннаан, сөмөлүөттэри көтүтэн, бэс ыйыгар кырата иккитэ ардахтатыы. Бу буолуо этэ норуокка көмө.
Биир дойдулааҕым Тускул былырыыҥҥыттан 2024 сыл сайына өҥ бөҕө буолуо, быйыл кыһын тымныйыа суоҕа диирэ мин сабаҕалааһыммар быйыл сөп түбэспэтэ. Илин эҥээр дьоно-сэргэтэ, кураанах халлааны кэтэһэн олоруохтааҕар Максим Сибиряков күөлү олохсутар, үөскэтэр ньыматынан үрэхтэргитигэр, алаастаргытыгар уута дэлби хаһааныҥ. Үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар ууну куппатахха иинэллэр-хаталлар.
От ыйыгар сир аһа үүнэр, от-мас ситэр. От ыйын 12 күнүгэр, Бөтүрүөпкэ, кыратык даҕаны буоллар, ардаан, сири сиигирдэн ааһааччы. Быйыл былырыыҥҥы курдук ардах түһэрэ кэтэһиллибэт. От ыйын бүтэһигэр, Борокуоппайап кэнниттэн түһүөҕэ. От ыйыгар сылаас, кураан күннэр туруохтара. Ол гынан баран, быйыл сайын от ыйын үһүс дэкээдэтигэр Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар эргин хаһыҥ түһүөн сөп.
Бу кэмҥэ илин эҥээргэ бэс ыйыгар ыытыллыбыт үлэни салҕаан, сөмөлүөтүнэн ардаҕы түһэрбэтэххэ, аһыҥа адьарай кураан алаастары күүскэ сиэҕэ, сир аһын хатарыа. Ил Түмэн дьокутааттара нэһилиэктэргэ сыһыарыллан, эппиэтинэс ылынан үлэлииллэрин ирдиэххэ. Норуот талыылаахтара, тыа сиригэр тахсан, үлэ дьоно олорор-үлэлиир алаастарыгар, сайылыктарыгар сылдьыҥ, дьоҥҥутун-сэргэҕитин кытта сирэй көрсөн кэпсэтиҥ, сүбэлэһиҥ, көмөлөһүҥ.
Ааптар: Василий Никифоров, https://ulus.media/
This post was published on 12.02.2024 12:25 12:25