Дьылдьыт Андрей Варламов быйыл сайын төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар, Чурапчы Мугудайыгар, дуоһуйа сынньанна: оттоото, сир астаата, кустаата. Андрей Алексеевич уоппускатын болдьоҕо бүтэрэ чугаһаан, бүгүн куоракка дьиэтигэр кэлээри хомуна сырыттаҕына, төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, балаҕан ыйыгар халлааммыт хайдах буолуоҕун туоһуластым.
— Букатын үчүгэй, уһун күһүн буолар чинчилээх. Тоҕо, туохха олоҕуран оннук диибиний? Балаҕан ыйа буолуор диэри хатыҥ сэбирдэҕэ саһарбата. Тиит мутукчата бэйэтэ бэйэтинэн турар. Алаастар охсуллан-оттонон баран, иккистээн үүннүлэр, кэнчээрилээтилэр. Онон сылгы баайбыт барахсан туруга лаппа тубуста. Аны туран, уу кытыытыгар саас тахсыахтаах сибэккилэрбит билигин кэлэн силигилээтилэр. Тэллэй эмиэ саҥа тахса сатыыр. От ыйыгар быгыалаан барыахтаах подберезовигы саҥардыы үргээтибит. Масленок дьэ биллэр-биллибэт быган эрэр. Сорох кус оҕотун саҥардыы көтүтэ сатыыр.
— Арба, кус хайдаҕый? Бултанныҥ дуо?
— Урукку сылларга холоотоххо, кус син үөскүү сатаабыт. Инньэ гынан, саас бултуйбатахпын ситистим. Олохтоох кус баччаҕа барар буолара, быйыл тоҕо эрэ хамныы илик. Дьэ, дьикти!
— Оттон отон үүммүт дуо?
— Чурапчы тыаларыгар отон үрдүк сирдэргэ бытархай, куула өттүгэр хотоол, сииктээх сиргэ балачча хойуутук үүммүт. Бөдөҥө сүрдээх. Быйыл сайын курааннаан, киһи матассыыкылынан, массыынанан ханна баҕарар тиийэр. Сааһын-сайынын улаханнык ардаабакка, кураанныах курдук этэ эрээри, алаастарбыт оттоттулар. Дьон оту бастылар. Ол аата сирбит сииктээх сыппыт эбит буоллаҕа. Биһиги эргин үрэхтэрбит саҥа тартылар. Бүтэһик Ыспааһапка ардах сорох сиринэн күүскэ түһүтэлээтэ. Онон таппыт сиригэр сиик иҥэн, өҥсүйэн, аны сайын отун анньыаҕа.
— Дьэ, онон?
— Быйыл саас билгэлиирбэр соҕотох суолга сыыстардым: “сайын хаһыҥ түһэн, сир аһын, чуолаан моонньоҕону, хаарыйыан сөп” диэбитим эрээри, баччаҕа диэри хаһыҥмыт түспэтэ. Алааска сайыҥҥылыы лыах, бырдах баһаам. Онон балаҕан ыйыгар үтүөкэн күннэр уһуннук турар чинчилээхтэр. Мин сабаҕалыырбынан, дьылбыт сүүрбэччэ хонук хойутаан кэлэр буолла.
— Андрей Алексеевич, эн эппэтэҕиҥ, мин истибэтэҕим буоллун!
This post was published on 01.09.2017 15:00 15:00