Муус устар 7 күнүгэр Былаҕачыанайап диэн былыр саха дьоно күн-дьыл хаамыытын түстүүр бэлиэ дааталара кэлэн ааста. Өбүгэлэрбит билгэлииллэринэн, ити күн ыраас буоллаҕына, саас түргэнник кэлэр, туллук үөрэ хойуу буоллаҕына, сааскы кус үөрэ – халыҥ. Дьылдьыт Андрей Варламов эмиэ Былаҕачыанайап билгэтэ бигэ диэн ааҕар.
Ол иһин Андрей Алексеевичтан бүгүн киэһэ тугу биттэнэн олорорун туоһуласпыппар кэтээн көрүүтүн түмүгүн маннык билиһиннэрдэ:
– Былаҕачыанайап – сааскы 40 хонугу билгэлиир, айылҕалыын алтыһар кэммит. Айылҕа алтыһыытын кэтээччилэр муус устар 6 уонна 8 күннэрин эмиэ сыныйан көрүөхтээхтэр, оччоҕо билгэлэрэ бигэ буолуо. Муус устар 6 күнүгэр халлааммыт ыраас эрээри, хотугулуу-арҕааттан тымныы тыаллаах хаҕыс күн буолан, ириэрбэтэ. Илин эҥээргэ туллук үөрэ чараас, арай, Мэҥэҕэ уонна Бэрдьигэстээххэ хойуу үөрдээх туллугу көрбүттэр. Бу сааскы кус кэлиитин кэрэһилиир кэрэ, кырачаан маҥнайгы көтөр үөрэ төһөнөн хойуу даҕаны, сааскы кус кэлиитэ көхтөөх буолар.
Муус устар 7 күнүгэр, Былаҕачыанайапка, сарсыардаттан хотуттан хаҕыс, тымныы тыаллаах итиэннэ былыттаах эрээри, хаардаабата. Күн устата ириэрбэтэ. Ити аата быйыл саас 40 хонуктаах хатааһын буолан, ириэрэ-ириэрэ тоҥорон, хаартан ууну аҕалбатын оҥостор. Маннык хатааһын биирдэ эмэ кэлээччи. Кусчуттар сиргэ тоҥон-хатан эрэйдэнэллэрэ буолуо. Хоту тоҥоруу буолан, кус салгыы айаннаабакка, төттөрү-таары көтөн, хата, булчуттар бултуйуохтара. Ый иккис дэкээдэтигэр тыаллаах-куустаах, хаардаах күннэр туруохтара. Үһүс дэкээдэ бүтүүтүгэр хаардаах ардах кэлиэ, тыаллаах-куустаах.
Бүгүн, муус устар 8 күнүгэр, итир былыттаах, тымныы тыаллаах. Күн устата кэтээн көрдүм даҕаны, улаханнык уларыйбата. Ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр халлаана тымныы, хаардыаҕа, сорох сиринэн сигирээн (инчэҕэй хаар) түһүөҕэ. Кус булда саҕаланыыта тымныы сигирээн күннэр туруохтара. Кусчуттар уулара тоҥон эрэйдэниэхтэрэ. Сылыйар кэмигэр – ардыаҕа, тымныйдаҕына – сигирээнниэ. Ньукуолун саҕана тыалырыа, ардах түһүө. Барыта куһаҕаны ыралыыр диэмэҥ, айылҕабыт алтыһыыта итинник, Хасыйаан (ордук хонуктаах сыл) буоллаҕа. Улахан уларыйыылар буолар сыллара: элбэх иирсээн, сэрии, сир хамсааһына, ууга барыы, сорох сиргэ кураан, аһыҥа үөн туран, тыа сиригэр ыарахаттары тосхойуо.
– Кэлиҥҥи сылларга сааспыт наар тардыллар, уһуннук хатыыр буолла. Ол даҕаны гыннар, урукку дьыллартан туох ураты көстүү баарын бэлиэтиэҥ этэй?
– Кырдьык, 3-4 сылтан бэттэх халлааммыт наар хатыыр-хатарар. Ол эрээри, Дьахтар күнүн кэнниттэн тута ириэрэр, чалбах тахсар буолара. Быйыл, мин бэлиэтэммиппинэн, Дьокуускайга муус устар 4 күнүгэр ириэрэн, бастакы чалбах таҕыста. Онон хатааһын инньэ Ньукуолуҥҥа диэри салҕанан барыаҕа. Хата, күммүт-дьылбыт хаамыыта айылҕатыгар дьэ сөп түбэһэрдии быһыыланна. Урут мэлдьи эрдэлиирэ. Быйыл Өлүөнэ өрүс кэмигэр эстиэ. Күһүн балачча уулаах тоҥмута. Эбэҕэ уу син биир элбэх буолуо, муус сиргэ, кытылга сыста тоҥон, халаан уута сүгүн ааспакка, харыы элбэхтик тахсар куттала баар.
Бырабыыталыстыбабыт уонна Ил Түмэммит хаһааҥҥытааҕар даҕаны түмсэн, норуоту кытта биир сомоҕо буолаллара эрэйиллэр. Сүөһү-сылгы иитэр тыа сиригэр өртөөһүнү бобоннор, бэс, от, атырдьах ыйдарыгар ойуур уота туруталаан, эмиэ буруонан тыынар кыһалҕатыгар түһүөхпүт диэн дьиксинэбин. Ардаҕы ыҥырар сөмөлүөттэри былаан быһыытынан бэс ыйыттан көтүтэн, кураанныыр улуустар сирдэригэр үлэлэтэр көдьүүстээх буолуо. Уулаах, сииктээх, халааннаабыт үрэхтэргэ ардахтатыы ночооту эрэ аҕалыа.
Ааптар: Василий Никифоров, https://ulus.media/
Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ хаартыскаҕа түһэриитэ
This post was published on 09.04.2024 15:35 15:35