«Дохсун» спортивнай комплекска Дыгын Оонньууларыгар түмүктүүр талар турнир ыытылынна. Кыайыылааҕынан Тимофей Большаков Сунтаар улууһуттан таҕыста. Биэс бастыҥ спортсмен путевка тутта. Онон Туймаада Ыһыаҕын өрөгөйдөөх киирсиигэ кыттааччылар ааттара чуолкайданна, суруйар СИА.
Күрэхтэһии сэттэ көрүҥҥэ ыытылынна: ыстаҥа, тутум эргиир, мас-рестлинг, оҕунан ытыы, сүүрүү 400 м, хапсаҕай уонна таас көтөҕүү. 33 күүстээх эр бэрдэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кытынна.
Кыайыылаах Тимофей Большаков чаҕылхай көрдөрүүлэннэ, иккистээбит спортсментан 33 баалынан тэйдэ. Иккиһи Дьааҥыттан Петр Прудецкай, үсүһү Амматтан Борис Сдвижков суруннулар. Бу күрэхтэһиигэ биэс путевка оонньонно. Онон эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээх Николай Обоев Ньурбаттан уонна Давыд Колесов Мэҥэ Хаҥаластан финалга киирдилэр.
Быйылгы «Дыгын Оонньууларыгар» 12 бастыҥ күүстээх эр бэрдэ тахсар буолла — Алексей Уваровский (Кэбээйи), Айсен Ботуев, Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү), Вячеслав Дьяконов (Нам), Николай Матаннанов (Таатта), Дьулустан Ноговицын (Горнай), Артем Варданян (Нам), Тимофей Большаков (Сунтаар), Петр Прудецкий (Дьааҥы), Борис Сдвижков (Амма), Николай Обоев (Ньурба), Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас).
Биэс сыл устата кыайыылааҕынан ааттаммыт Егор Филиппов быйыл, доруобуйатыгар эчэйии ылан, кыттыбат.
This post was published on 01.05.2022 09:01 09:01