«Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ Алексей Уваровскай, «Манчаары оонньууларын» национальнай многоборьеҕа икки төгүллээх кыайыылааҕа Николай Матаннанов, хотугу многоборьеҕа Арассыыйа муҥутуур чөмпүйүөнэ Алексей Сазонов, хапсаҕайга успуорт маастара Давыд Колесов итиэннэ Тимофей Большаков бүтэһик сүүмэрдээһиҥҥэ холоноллор.
Турнир бастакы күнэ атах оонньуутуттан саҕаланна, ол кэнниттэн тутум эргииргэ уонна мас тардыһыытыгар күрэс ыытыллар. Сарсын оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна таас көтөҕүүтүгэр күөн көрсүөхтэрэ.
Санатан эттэххэ, бу сайын күрэхтэһэр «Дыгын оонньууларын» аҕыс саха боотура биллибитэ: Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), Яков Дмитриев (Кэбээйи), Борис Сдвижков (Амма), Алексей Соколов (Сунтаар), Николай Обоев (Ньурба) уонна Павел Друзьянов (Чурапчы).