«Дыгын Оонньууларыгар» талар түмүктүүр турнир Дьокуускайга буолар күнэ уонна миэстэтэ быһаарылынна.
Национальнай многоборьеҕа турнир муус устар 11 уонна 12 күннэригэр Дьокуускайга «Дохсун» спорткомплекска буолар. Ол туһунан тустаах Федерация толорооччу дириэктэрэ Иван Белолюбскай эттэ.
Турнирга түөрт путевка оонньонор: национальнай ыстаҥа, тутум эргиир, мас-рестлинг, оҕунан ытыы, сүүрүү, хапсаҕай уонна тааһы көтөҕүү.
Санаттахха, Дыгын оонньууларыгар эрдэ путевкалары туппуттара Дьулустан Ноговицын (Горнай), Артём Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), Яков Дмитриев (Кэбээйи), Борис Сдвижков (Амма), Алексей Соколов (Сунтаар), Николай Обоев (Ньурба) уонна Павел Друзьянов (Чурапчы).
This post was published on 02.04.2024 17:01 17:01