«Чемпион Кубога» диэн «Дыгын оонньууларыгар» сүүмэрдиир күрэх биллибэт кэмҥэ көстө. Эрдэ «Спорт Якутии» күрэхтэһии бу өрөбүллэргэ, атырдьах ыйын 8 – 9 күннэригэр барыа диэн суруйа сылдьыбыта.
Саха сирэ COVID-19 пандемиятыттан хааччахтааһыны устуу иккис кэрдииһигэр сылдьар. Роспотребнадзор сүбэтинэн спорт саалалара хааччахтааһын үһүс кэрдииһигэр биирдэ аһыллаллара былааннанар. Ити кэрдиис ыарыы тарҕаныытын көрдөрүүтэ 0,5 эбэтэр онтон аллара көрдөрүүгэ тэҥнэстэҕинэ олохтонор.
Ити биричиинэнэн тэрийээччилэр күрэхтэһиини барыллаан былаанынан атырдьах ыйын 22-23 күннэригэр көһөрдүлэр.
Билигин биллэринэн, «Дыгын оонньууларын» сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнүн Иван Белолюбскай бирииһигэр национальнай многоборьеҕа «Чемпион Кубога» диэн «Дыгын оонньууларыгар» сүүмэрдиир турнир көрөөччүтэ суох барыа. Кыттааччылары таһынан тренердар, тэрийээччилэр уонна аҕыйах СМИ үлэһитэ сылдьыахтара. Күрэхтэһии «Туймаада» стадионугар буолуоҕа.
This post was published on 05.08.2020 11:01 11:01