Эдэр исписэлиистэргэ анаммыт 10 аҕыйах кыбартыыралаах дьиэ «Моя Якутия в XXI веке» тосхол чэрчитинэн тутуллар. 60 саҥа кыбартыыра күлүүһэ туттарыллыаҕа, регион тутууга министиэристибэтэ эттэ.
Олорор дьиэлэр Абый Кэбэргэнэтигэр, Дьааҥы Баатаҕайыгар, Бүлүү Кыһыл сыырыгар, Нам Харыйалааҕар, Өймөкөөн улууһун киинигэр, Хаҥалас Тиит Арыытыгар уонна Күөрдэмигэр, Усуйаана Туматыгар, Эбээн Бытантай Кустууругар уонна Орто Халымаҕа тутуллаллар.
«Субсидия муниципальнай сакаасчыттарга куонкурус быһыытынан бэриллэр. «Родные города и села» бырайыак хамыыһыйата быһаарар. Сайаапканы ылыы балаҕан ыйын 1 — 30 күннэригэр ылыллар, субсидия биэриитэ үүнэр сылыгар көрүллэр», – миниистир солбуйааччыта Евгений Афанасьев эттэ.
2014 — 2023 сылларга барыта 142 олорор дьиэ эдэр исписэлиистэргэ анаан тутулунна, уопсай иэнэ 23,14 тыһ кв м.
2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан бу сыалга 476,0 мөл солк көрүлүннэ, ити уопсай үбүлээһинтэн 15% (3 165,0 мөл солк).
This post was published on 16.04.2024 12:01 12:01