Уус Алдан улууһун Бороҕонугар национальнай многоборьеҕа чемпионат Кубога буолла. Николай Тарскай 100 сылыгар ананна.
Аҕыс спортсмен кыттыбытыттан, Горнай улууһуттан Дьулустан Ноговицин — Таас Боотур кыайыылаах буолла, суруйар ЯСИА.
Дьулустан Ноговицин 125 кг ыйааһыннаах тааһы көтөҕүүгэ, 400 м сүүрүүгэ, мас-рестлинҥа, оҕунан ытыыга инники күөҥҥэ сырытта, ити бааллар холбоһон, 23 очукуону хомуйан, 2019 сыллааҕы кыайыытын иккистээн бигэргэттэ.
«Ыараханы көтөҕүүгэ ыйааһын эбиллибит – 125 кг буолбут, итиннэ элбэх күүспүн уонна сырабын биэрдим. Үөрэрим диэн, бары көрүҥнэргэ эчэйии ылбатым. Ыстаныыга үчүгэй түмүк көрдөрүөм дии санаабытым. Тутум эргииргэ маастарыстыбам эбиллибит. 60 эргииргэ былааннаммытым, 59-һу оҥордум. Саамай сүрүнэ, Дыгын оонньууларыгар путевка туттум», – диэтэ 33 саастаах чемпион. Чемпион 100 тыһ солк «Прогресс» тэрилтэттэн тутта.
Иккискэ Артём Дьяконов Кэбээйиттэн, үһүскэ — Айсен Ботуев Үөһээ Бүлүүттэн, эмиэ Кэбээйиттэн Яков Дмитриев төрдүс буолла.
Ааптар: Мария Бурнашева
This post was published on 19.02.2024 15:01 15:01