Дьулустан Ноговицын өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ титуллаах спортсмена буолла. Кини аатыгар Дыгын оонньууларын триумфатора, национальнай многоборьеҕа чемпионат Кубога, мас-рестлиҥҥэ аан дойду, Россия уонна Саха сирин чемпионаттарын кыһыл көмүс мэтээллэрин хаһаайына, Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа суруллар.
Ноговицын быйылгы Дыгын оонньууларыгар мас-рестлиҥҥэ, оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга, тааһы көтөҕүүгэ үс бастыҥ иһигэр киирэр. Уопсай ахсааҥҥа бастаан тахсар, иккис миэстэ буолбут эр хоһуунун үс баалынан хотор.
«Оҕунан ытыыга бастакы чааһыгар итинник куһаҕаннык кыттыам дии санаабатаҕым. Бэлэмнэниигэ барыта бэрт этэ. Бастаан сатамматахпар, долгуйан барбытым. Бүтэһиккэ икки мишени таппытым. Сыалы быйыл подиумҥа туруорбуттара ыарахаттары үөскэттэ, онно эбии тыал мэһэйдээтэ. Ох туора ойо сылдьар. 400 м сүүрүүгэ улахан долгуйуу баара, оттон ыстаныыга суол уларыйбыта элбэҕи быһаарда», — диэтэ Ноговицын.
Кыайыытын кэнниттэн, эһиилги Дыгын оонньууларыгар кыттара, кыттыбата өссө биллибэтин эттэ. «Мин бүгүн кыайдым, дакаастыырым атын суох. Чугас дьоммун кытта кэпсэтиэм. Мин куруук биирдэ эрэ кыайарбын баҕарарым — уонна бүттэ. Дыгын оонньууларыгар кыттыа суохпун сөп. Ити эрээри спорду син биир бырахпаппын, бу — мин олоҕум», — эттэ Ноговицын.
This post was published on 01.07.2024 11:01 11:01