22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьулустан Ноговицын: «Кыайдым уонна атыны дакаастыырым суох»

11:01, 01 июля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа Дьулустан Ноговицын национальнай многоборьеҕа карьератын түмүктүөн сөп. Кини эппитинэн, кыайыылаах буолла уонна атыны дакаастыыра суох. Ити эрээри, спортсмен эһиил кыттыан сөбүн утарбат, суруйар ЯСИА.

Дьулустан Ноговицын өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ титуллаах спортсмена буолла. Кини аатыгар Дыгын оонньууларын триумфатора, национальнай многоборьеҕа чемпионат Кубога, мас-рестлиҥҥэ аан дойду, Россия уонна Саха сирин чемпионаттарын кыһыл көмүс мэтээллэрин хаһаайына, Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа суруллар.

Ноговицын быйылгы Дыгын оонньууларыгар мас-рестлиҥҥэ, оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга, тааһы көтөҕүүгэ үс бастыҥ иһигэр киирэр. Уопсай ахсааҥҥа бастаан тахсар, иккис миэстэ буолбут эр хоһуунун үс баалынан хотор.

«Оҕунан ытыыга бастакы чааһыгар итинник куһаҕаннык кыттыам дии санаабатаҕым. Бэлэмнэниигэ барыта бэрт этэ. Бастаан сатамматахпар, долгуйан барбытым. Бүтэһиккэ икки мишени таппытым. Сыалы быйыл подиумҥа туруорбуттара ыарахаттары үөскэттэ, онно эбии тыал мэһэйдээтэ. Ох туора ойо сылдьар. 400 м сүүрүүгэ улахан долгуйуу баара, оттон ыстаныыга суол уларыйбыта элбэҕи быһаарда», — диэтэ Ноговицын.

Кыайыытын кэнниттэн, эһиилги Дыгын оонньууларыгар кыттара, кыттыбата өссө биллибэтин эттэ. «Мин бүгүн кыайдым, дакаастыырым атын суох. Чугас дьоммун кытта кэпсэтиэм. Мин куруук биирдэ эрэ кыайарбын баҕарарым — уонна бүттэ. Дыгын оонньууларыгар кыттыа суохпун сөп. Ити эрээри спорду син биир бырахпаппын, бу — мин олоҕум», — эттэ Ноговицын.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА