24 Сэтинньи 24.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо алтаай тылынан бэчээттэнэн таҕыста

10:28, 23 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Асхар Айтматов «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» бырайыагы аан дойду таһымыгар дьүүллэһиэххэ диэн Александр Жирковка этии киллэрдэ. Бу күннэргэ Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобут алтаай тылынан бэчээттэнэн таҕыста.


Киргизия дипломата, общественнай деятель, биллиилээх суруйааччы Чингиз Айтматов төрөппүт уола Асхар Айтматов «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» диэн Александр Жирков бырайыагын Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр бу дьыл сааһыгар эбэтэр күһүнүгэр аан дойду таһымыгар дьүүллэһэргэ этии киллэрдэ.

Бу туһунан Александр Николаевичка суругар Асхар Айтматов: «Эн ыытар далааһыннаах, дириҥ суолталаах үлэҕин мэлдьи сөҕө-махтайа, кэрэхсии көрөбүн. Эн саҕалааһыныҥ эпическэй нэһилиэстибэлээх элбэх омук биһирэбилин ылла. «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» серия тахсыытын ЮНЕСКО өйүүр. Бу көҕүлээһиҥҥинэн тюрк тыллаах омуктарга эрэ буолбакка, аан дойду бары норуоттарыгар эпическэй пааматынньыктары ааҕар, үөрэтэр, үйэтитэр, тарҕатар уонна хардарыта байытыһар кыаҕы бэлэхтээтиҥ.

Эпическэй айымньылары тылбаастааһын элбэх дьону түмтэ: эпоһы үөрэтэр учуонайдары, тылбаасчыттары, литератураны кэрэхсээччилэри, онтон да атын үгүс дьону. Эн саҕалааһыныҥ биир улахан кэрэхсэбиллээҕэ – эн эпическэй тылбаас тылын-өһүн уратытын туһунан улахан боппуруоһу көтөхтүҥ. Бу олус улахан суолталаах».

Асхар Чингизович Айтматов этэринэн, «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырайыагын аан дойду таһымыгар дьүүллэһии – эпоһы үөрэтээччилэр уонна тарҕатааччылар холбоһуктарын тэрийэргэ уонна кинилэри түмэргэ улахан тоҕоостоох буолуоҕа.

«Тэрээһин 2021 сыл сааһыгар эбэтэр күһүнүгэр ыытыллара табыгастаах буолуо этэ. Ол кэмҥэ эн үтүөрүөҥ, сырдык санааҕынан, дириҥ өйгүнэн, уҕараабат эрчимҥинэн барыбытын көҕүлүөҥ, түмүөҥ диэн эрэнэбин. Эн бары айымньылаах саҕалааһыннаргар туох баар кыахпынан көмөлөһөргө бэлэммин», – диэн бэлиэтиир А. Айтматов.

Аны, бу күннэргэ Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобут алтаай тылынан бэчээттэнэн таҕыста.

Ол туһунан  Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын депутата, Алтаай Өрөспүүбүлүкэтин Эл Курултайын 2006–2016 сс. Бэрэссэдээтэлэ, биллиилээх суруйааччы Иван Итулович Белеков маннык суруйда:

“Күндү доҕоттор, эһигини кытта үөрүүлээх сонуммун үллэстэбин. Саха омук «Ньургун Боотур» олоҥхото алтаай тылынан кинигэ буолан таҕыста.

2017 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков көҕүлээһининэн биһиги «Маадай Кара» эпоспыт сахалыы тылбаастанан тахсыбыта. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Александр Жирков Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр кэлэ сылдьыбыта. Александр Николаевич Алтаайга сылдьыыта биһиэхэ улахан суолталаах түгэн буолбута. Ол курдук, кини этиитинэн биһиги иннибитигэр кини саҕалаабыт сүдү үлэтин салгыыр, биһиги бырааттыы норуоппут героическай эпоһын алтаай тылыгар тылбаастыыр сорук турбута.

Биллэн турар, бастакынан үөрүүлээх сонуммун Александр Николаевичтыын үллэһинним. Кини бу түгэни күүппүтэ ыраатта. Аҕыйах хонуктааҕыта Москваҕа ыарахан эпэрээссийэни ааспыта. Мин сонунум ытыктыыр доҕорум санаатын көтөхпүтүн, күүһүгэр күүс эппитин таайа саныыбын.

Күндү Александр Николаевич, алтаай тылынан тахсыбыт саха олонхотун презентациятыгар көрсүөхпүт! Түргэнник үтүөрэ охсоргор баҕарабын.

Алтай-ла Сахага Алкыш!”

“Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара” бырайыагы Саха Өрөспүүбүлүкэтин V ыҥырыылаах Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков көҕүлээбитэ. Бэйэтин тула атын омуктартан биир санаалаахтарын түмэн, билигин бу үлэ норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таҕыста. А.Н. Жирков бырайыагын аан дойдутааҕы ЮНЕСКО тэрилтэ өйөөтө.  Бырайыак аан дойду чулуу эпическэй айымньыларын үйэтитэр, тарҕатар, омук уратытын көрдөрөр, харыстыыр, ааҕааччы төрөөбүт тылынан айымньылары ааҕарын ситиһэр соруктаах.

Бу серияҕа бастакынан кыргыз омук эпоһа «Манас» сахалыы тылбаастанан тахсыбыта. Ону сэргэ Кыргызстаҥҥа биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобут кыргыз тылынан бэчээттэммитэ. Кэлиҥҥи  сылларга алтаайдар “Маадай Харалара” уонна башкирдар “Ураал Баатырдара” сахалыы тахсыбыттара, тывалар “Хунан Харалара” тылбаастанан бүтэн эрэр. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” башкир уонна тыва тылларыгар тылбаастана сылдьар.

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо аан дойду омуктарын тылынан тахсыыта бу норуоттар эпическэй айымньыларын үөрэтиигэ уонна тарҕатыыга улахан көмөлөөх, өбүгэлэрбит харыстаан илдьэ кэлбит тылынан уус-уран айымньыларын чыпчаалын – олоҥхону үйэтитиигэ биир дьоһун үлэ буолар.

Бу ураты саҕалааһын саха норуотугар эрэ буолбакка, норуоттар икки ардыларыгар суолтата, туһата улаатан, кэҥээн иһэрин бэлиэтээн туран, Асхар Айтматов Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҕалааһынын аан дойду таһымыгар дьүүллэһэргэ этии киллэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА