Таатта улууһугар «Былатыан ыччаттара» хамсааһын 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Оччолорго улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Н.Н.Тулааһынап уонна улуус ыччакка лидерэ Михаил Тарасов улуу биир дойдулаахтарын аатын үүнэн иһэр эдэр көлүөнэҕэ, ыччаттарга кэпсиир, өйдөтөр сыаллаах-соруктаах олохтообуттара.
Ити сыл Таатта улууһун эдэр дьоно «Былатыан ыччаттара» хамсааһыыҥҥа чилиэнинэн киирэн, үгүс волонтерскай үлэни, ыччаттарга тэрээһини ыыппыттара. Бу хамсааһын үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэн, 2015 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ ыччат хамсааһына» аатын ылбыта. Кэлин ыччат лидерэ атын үлэҕэ көһөн, «Былатыан ыччаттара» үлэтэ умнулла быһыытыйбыта.
Бу күннэргэ дьаһалы хаттаан сөргүтэн, Автономия ылыныллыбыта 100 сылын көрсө иккис тыыны биэрэр үлэ саҕаланна. Бастатан туран, «Былатыан ыччаттарын» общественнай тэрилтэ быһыытынан регистрацияны аһардан, үлэ күүскэ барарыгар туһаайыллыахтаах. Улууска үлэлээн эрэр «Таатта төлкөтө – түмсүүгэ» бырайыак чэрчитинэн ыччаттары, оскуола үрдүкү кылаас оҕолорун бу түмсүү тула холбоон, сомоҕолоон үлэлэтэргэ билиҥҥи улууспут ыччатын лидерэ Иван Иванов уонна улуус салалтата, үөрэх салаата биир санааҕа кэллилэр. Ол быһыытынан сэттэ киһиттэн турар састааптаах чилиэннэр талыллан үлэлээн эрэллэр.
Биир сонун бырайыак быһыытынан Олоҥхо декадатын чэрчитинэн улуустааҕы норуот Айымньытын дьиэтин фольклорга сүрүннүүр методиһа М.Г.Егорова, Тааттатааҕы норуот театрын кылаабынай режиссера В.Ф. Бурнашова көҕүлээһиннэринэн, «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын өйөбүлүнэн, П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо бастакы ырыатын өрөспүүбүлүкэ 34 улууһун уонна Дьокуускай куорат эдэр олоҥхоһуттара куйаар ситимин нөҥүө толордулар.
Былатыан Ойуунускай айар үлэтин чыпчаала куйаар ситимин нөҥүө тарҕанан, 21-с үйэ эдэр олоҥхоһуттарын иилии хапта.
Улуу убайбыт аата үйэлэртэн үйэлэргэ, үс саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр аата ааттана туруохтун!
Ааптар: Светлана Халгаева, Таатта улууһа
This post was published on 15.12.2021 17:01 17:01