Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Софронов төрөөбүт күнүгэр киниэхэ анаан мэҥэ бэлиэ Дьокуускайга туруорулунна. «Саха сирэ» хаһыат редакциятын көҕүлээһининэн мемориальнай дуоска драматург аатын сүгэр уулуссаҕа арылынна.
«Төрөөбүт дойдубут, саха литературата сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит дьоммутун куруук өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт. «Саха сирэ» хаһыат улуу дьоммутун үйэтитиини саҕалаата уонна салгыы ыытыаҕа. Биһиги уулуссалар ким аатын сүгэрин күүскэ сырдатыахтаахпыт. Анемподист Софронов аатын үйэтитии — биһиги иэспит. Кини бэйэтин кэмин бастыҥ саҥаны саҕааччыта этэ. Билигин саха киинэтэ үрдүк таһымҥа таҕыста, манна чуолаан кини бастакынан кинематографияны өйөөбүтүн, «Манчаары» хаһыаты, «Чолбон» сурунаалы төрүттээбитин, кини хоһооннорун аныгы көлүөнэ ыччат уостан түһэрбэккэ ааҕарын бэлиэтиибит», — диэтэ «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын.
Мемориальнай дуоска Анемподист Софронов аатынан уулусса саҕаланыытыгар туруорулунна. Поэт бартырыата ойууламмыт, биографията суруллубут.
Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччыта Мария Турантаева иһитиннэрбитинэн, мэҥэ бэлиэ түмсүүлээх буолан оҥоһулунна. «Саха сирэ» хаһыакка, Сайсаардааҕы уокурурук управатыгар махтанна. «Анемподист Софронов Саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ этэ«, — диэн бэлиэтээтэ.
This post was published on 14.11.2019 15:05 15:05