Бу түмэллэргэ Ф.М.Охлопков уонна Ф.К.Попов маллара көрдөрүүгэ тураллара болҕомтону тардаллар.
Кириэс Халдьаайы түмэлигэр
Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.М.Охлопков аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл 1967 сыллаахха тэриллибитэ.
Сэтинньи 21 күнүгэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сылынан оскуола баазатыгар Ф.М.Охлопков аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл аһыллыбыта. 1985 сыллаахха ССКП Томпо оройуоннааҕы кэмитиэтин бюротун уурааҕынан, аны, Аҕа дойду сэриитин устуоруйатын кэпсиир уопсастыбаннай түмэл буолбута. Билигин түмэл 1905 сыллаахха тутуллубут таҥара дьиэтигэр үлэлии турар.
Кыраайы үөрэтэр түмэли Егоров Ф.В. – СӨ култууратын туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Степанов П.В. – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Тимофеев В.И. – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Андросова А.Д. – СӨ култууратын туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Охлопкова Ф.М. – СӨ култууратын туйгуна, Атакова Е.Е., Бястинова К.Н., С.Д.Матаркина – ССРС үөрэҕириитин туйгуна сатабыллаахтык салайбыттара. Билигин түмэл дириэктэринэн СӨ култууратын туйгуна Севостьянова Л.Д. үлэлиир.
Хаһыат ааҕааччыларыгар Дьоруой Ф.М.Охлопков саатын, бултаабыт хандаатын, дьиэтин туһунан сырдатабыт.
Охлопков саата
Бу ИЖ-12 диэн икки уостаах булт саата. Федор Матвеевичка Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Улуу Кыайыы 20 сылынан Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай баартыйатын уобаластааҕы кэмитиэтин аатыттан бэлэхтээбиттэр.
Түмэлгэ 1991 сыллаахха Томпо оройуонун милииссийэтин үлэhиттэрэ дьон-сэргэ көрдүн, кэнчээри ыччат биллин диэн аҕалан туттарбыттар.
Бултаабыт хандаата
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков аан дойдуга кыраҕы харахтаах снайперынан биллибит ытык киһи. Кини оҕо эрдэҕиттэн дьонун-сэргэтин аһатар саха эр киһитин быһыытынан булдунан дьарыктаммыт. Бу хандаа – кини элбэхтик бултаабыт тэрилэ.
Дьоруой дьиэтэ
Бу 1916 сыллаахха тутуллубут дьиэ. Федор Матвеевич манна олорон Анна Николаевнаны кэргэн ылбыта. Кинилэр уон оҕоломмуттара. Оҕолор бары үөрэммиттэрэ, идэ ылбыттара. Уолаттара Николай Федорович, Илья Федорович аҕаларын туһунан хас да кинигэни таһаарбыттара.
Албан ааттаах саха снайпера
Федор Матвеевич Охлопков 1908 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр Байаҕантай улууһугар (Томпо улууһа) Кириэс Халдьаайыга төрөөбүтэ.
Аармыйаҕа 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун байаҥкамаатынан ыҥырыллыбыта. Бүлүмүөччүк, автоматчик, снайпер быһыытынан сэриилэспитэ. 1942 с. саас Сүөдэр бүлүмүөтэ снайпер бинтиэпкэтигэр уларыйар.
Албан ааттаах снайпер быһыытынан киэҥник биллибитэ, суон сураҕырбыта. Хорсун байыас Тверь, Смоленскай уобаластарын, Белоруссияны босхолоспута. 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы параадыгар кыттыбыта.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата 1965 сыллаахха, ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибитэ. Дьоруой көмүс уҥуоҕа дойдутугар Кириэс Халдьаайыга хараллан сытар.
Баатара түмэлэ
Баатараҕа түмэл 1947 с. Дьоруой Федор Кузьмич Поповка аналлаах хос тэриллиититтэн саҕаламмыта.
Түмэл сүһүөҕэр туруутугар үгүс сыраларын кэргэннии учууталлар Нина Ильинична уонна Никифор Петрович Слепцовтар биэрбиттэрэ. Маны сэргэ, үлэтэ-хамнаһа сайдарыгар элбэх киһи кыһамньытын уурбута.
1991 с. түмэл “Баатара нэһилиэгин түмэлин” статуһун ылбыта. Түмэлгэ Попов Михаил Егорович, Мария Петровна уонна Иван Афанасьевич Сысолятиннар үлэлэспиттэрэ. 2001 сыллаахха эргэ дьиэҕэ аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир өрөмүөн оҥоһуллубута, түмэл (дириэктэр Колесова Т.С.) Сэбиэскэй Сойус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан түмэл-комплекс аатын ылбыта. 2006 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин Граныгар кыайан Ф.К.Попов төрөөбүт уонна сайылык дьиэлэригэр саҥардан биэрии үлэтэ ыытыллан, түмэл-дьиэ ситэриллибитэ. Дьоруой аатын үйэтитии үлэтигэр Баатара олохтоохторо бука бары кыттыбыттара.
2011 с. икки мэндиэмэннээх саҥа дьиэ тутуллубута. Түмэл пуондата баай ис хоһоонноох, эспэнээттэринэн сыллата хаҥатыллар.
Саха туйгун уола, Баатара хорсун боотура
Федор Кузьмич Попов 1921 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Баатара нэһилиэгэр төрөөбүт.
Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллан барбыт. 1943 сыл күһүнүгэр байыаннай үөрэҕи ааһан, Украина Любеч куоратыгар тиийбит. Алтынньы 2 күнүгэр Федор Попов автоматчигынан сулууспалыы сырыттаҕына, 81-с стрелковай дивизиятын 467-с полкатыгар Днепр өрүһү туораан өстөөҕү тохтоторго бирикээс кэлбит. Рядовой Попов Днепри бастакынан харбаан туораан, өстөөх траншеятыгар күүппэтэх өттүлэриттэн соһуччу күүстээх уоту утары аспыт.
1943 сыл алтынньы 10 күнүгэр сэрии толоонугар дьоруойдуу охтон, Белоруссия сиригэр Глушец дэриэбинэҕэ хорсун байыас көмүс уҥуоҕа бырааттыы ииҥҥэ көмүллүбүт. Кэлин буойуттар кырамталарын Деражичи сэлиэнньэҕэ көһөрбүттэр.
1944 с. тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Ф.К.Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыт Ф.К. Попов аата норуот киэн туттуутунан буолбута.
Дьоруой мала
Манна Ф.К. Попов олорон, үлэлээн ааспыт олоҕун, бойобуой сырыыларын кэпсиир, кини сырдык аатын үйэтитэр аныгылыы көстүүлээх истиэндэлэр, Поповтар дьиэ кэргэн тутта сылдьыбыт дьиэтээҕи маллара бааллар.
Сүөдэр биригэдьиирдии сылдьан туттубут суумката, күннээҕи таабыла, саха тылыгар үөрэммит тэтэрээтэ, кэниспиэктэрэ, тус бибилэтиэкэтэ, бөрүөлээх тимир уруучуката, уо.д.а. мала-сала болҕомтону тардаллар. Бу маллары 60-с сылларга аймахтара бэлэхтээбиттэр.
Ааптар: Сардаана Бастаева, Саха сирэ саайт.
This post was published on 06.05.2024 11:33 11:33