Күрэскэ барыта 8 үлэ киирбитэ, балары 6 айар бөлөх оҥорбут. Кыайыылааҕы быһаарар хамыыһыйаҕа Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна былаас бэрэстэбиитэллэрэ, Дьоруой аймахтара, архитектордар киирбиттэрэ. Кинилэр Сергей Лукин уонна Павел Чямпин оҥорбут эскиистэрин таллылар.
Федор Попов сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолар. Бу сылга киниэхэ Дьоруой аатын биэрбиттэрэ 80 сылын туолла. Дьоруой Федор Попов пааматынньыгын Лермонтов уонна Ф.Попов уулуссалар быһа охсуһууларыгар туруорар былааннаахтар. Онно бу кыайыылаахтар эскиистэринэн пааматынньыгы оҥорон, туруоруохтара, суруйда Саха сирэ саайт.
Бу Дьоруой Федор Попов аатынан уопсастыбаннай искибиэр «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллуоҕа.
This post was published on 13.12.2024 14:01 14:01