Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тэйиччиттэн үлэ миэстэтин тэрийиэхтэрэ

Саха сиригэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тэйиччиттэн үлэ миэстэтин тэрийэри толкуйдууллар. Боппуруос Ил Дархан иһинэн үлэлиир инбэлииттэр Сэбиэттэрин мунньаҕар көтөҕүлүннэ.


Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Харлампьев коронавирус пандемията дьон үлэлээх, дьарыктаах буолуутугар кэккэ ыарахаттары үөскэппитин эттэ. Кини үлэтэ суох дьон элбээбитин, ол иһигэр инбэлиит дьоннор баалларын эттэ.

Мунньах кыттыылаахтара инбэлииттэр уопсастыбннай тэрээһиннэрэ дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытары бииргэ үлэлэһэллэрэ наадатын эттилэр. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону квотанан үлэнэн хааччыйары итиэннэ тэйиччиттэн үлэлиир кыаҕы тэрийэри эттилэр.

This post was published on 23.10.2020 15:01 15:01