Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ыарыһах оҕолоох ийэ этиитин толорор

Фото: Архив ЯСИА

Оҕотун бүөрэ ыалдьарынан Саха сирин олохтооҕо Ил Дархан быһа эпиирин кэмигэр  эпэрээссийэҕэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүтэ. Ийэ этиитин регионнааҕы доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ыытыллыбыта, ЦУР тэрилтэ суруйар.

Ыйытыы 100yakutia.ru саайтка киирбитэ. Ийэ кини уола бүөрэ улаханнык ыалдьарын суруйбут, 10 сыл анараа өттүгэр инбэлииккэ таһаарбыттарын бэлиэтээбит.

Саха сиринээҕи ЦУР тэрилтэ суругу туһааннаах министиэристибэҕэ ыытар. Биэдэмистибэ үрдүк технологичнай медицина көмөтүгэр толуон арыллыбытын этэр. Эпэрээссийэҕэ ыҥырдахтарына ыарыһахтары өйүүр биир кэлим киин тустаахтарга, ол иһигэр ийэтигэр, биллэриэхтээх.

Быһаарбыттарынан, ийэни кытта министиэристибэ сибээскэ таҕыста, толору быһаарыы биэрдэ.

This post was published on 05.05.2023 16:01 16:01