Доруобуйа харыстабылын миниистирэ «Арбидол» аналогын туһунан кэпсээтэ

«Умифеновир» препарат «Арбидол» диэн аатынан эрэ атыыланар буолбатах, аналогтар эмиэ бааллар. Ол туһунан «Диалог с властью» биэриигэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эттэ, СИА иһитиннэрэр.


«Медицина үлэһиттэрэ эми норуоттар икки ардыларынааҕы аатынан аныахтаахтар. Эмп «Умифеновир» диэн ааттанар уонна аналога, оҥорон таһаарааччы дойдуттан тутулуктанан, элбэх буолуон сөп», — диэтэ миниистир.

Елена Борисова бэлиэтээбитинэн, Росздравнадзор күн аайы эмкэ-томко мониторинг ыытар, аптекалары барытын хабар. Кини эппитинэн, чахчы «Арбидол» диэн ааттаах эмп дойдуга тиийбэт, ити эрээри эмп аналога элбэх.

This post was published on 16.10.2020 17:14 17:14