Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова уонна СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков бэс ыйын 16 күнүгэр доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтилэр уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар.
Галина Данчикова эҕэрдэ тылыгар: «Киһини эмтээһин киһи үтүө хаачыстыбаларын эрэ буолбакка,бүгүҥҥү күн ирдэбиллэригэр эппиэттиир үрдүк квалификацияны, билиини уонна сатабылы эрэйэр», – диэн, үрүҥ халааттаах аанньалларга махтанна.
Кини бэлиэтээн эппитинэн, Саха сирин олохтоохторугар медицинскэй көмө хаачыстыбатын, табыгастаах буолуутун үрдэтии уонна демография көрдөрүүлэрэ туруктаах буолуулара СӨ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин дьоһуннаах суолталаах хайысхаларынан буолаллар. Саха сирэ нэһилиэнньэтин ахсаана элбээһининэн Арасссыыйаҕа – 8-с, Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэ кардиохирургия сулууспата сайдар, тымыр ыарыыларын суһаллык эмтииргэ аныгы стандартар киллэриллэллэр. Кэнники түөрт сылга аймахтан бүөрү көһөрүүгэ 20 эпэрээссийэ оҥоһулунна. Дьокуускайга оҕолорго сүрэх-тымыр хирургията аһылынна, саҥа төрөөбүт оҕолорго реанимация отделениета кэҥэтилиннэ.
«Тыа сирин эмчитэ» федеральнай бырагырааманы сэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ 2015 сылтан «Тыа сирин фельдшерэ» бырагыраама олоххо ситиһиилээхтик киллэриллэр. Ону тэҥэ Арктика оройуоннарыгар үлэлии барар нарколог-психиатрдарга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан биирдии мөлүйүөн бэриллэр.
Эмтиир тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын үрдэтии доруобуйа харыстабылын сайыннарыы биир сүрүн хайысхатынан буолар. Ол курдук, 2011-2015 сс. доруобуйа харыстабылын 73 объега үлэҕэ киллэрилиннэ. 2015 с. оҕо сэллигин өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторийа, Оҕо дьиэтэ, 3 №-дээх поликлиника үлэҕэ киирдилэр. Саха сирин олохтоохторо өр кэмтэн кэтэһэр Онкология киинин бырайыага оҥоһулла сылдьар, Дьокуускайга Перинатальнай киин тутулла турар. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар фельдшер-акушер пууннара аһыллаллар.
Бу көрдөрүүлэр өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабалын систиэмэтин биир кэлим уларытыы уонна эмчиттэр, доруобуйа харыстабылын салайааччыларын сыралаах үлэлэринэн ситиһилиннилэр.
х х х
Галина Данчикова доруобуйа харыстабылын, нэһилиэнньэни социальнай көмүскэл салаатыгар өҥөлөрүн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Саха сирин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда:
«Саха Өрөспүүбүлэкитин үтүөлээх бырааһа» бочуоттаах аат – офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһатын офтальмолог-бырааһыгар Валерия Аржаковаҕа, куорат 2 №-дээх балыыһатын кылаабынай бырааһа Саргылана Васильеваҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа ортопед-травматологар Данил Кобяковка;
«СӨ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аат – СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Антонина Григорьеваҕа, Ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Альбина Сивцеваҕа, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Дмитрий Муксуновка иҥэрилиннэ.
СӨ Ил Дарханын кыһыл көмүс чаһылаах Грамотатынан – ХИФУ Медицина институтун дириэктэрэ Николай Гоголев;
«Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн – 5 №-дээх поликлиника медицинскэй сиэстэрэтэ Нина Андросова, психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын отделениетын сэбиэдиссэйэ Татьяна Галкина, Дьокуускай куораттааҕы клиническэй балыыһа лаборант-бырааһа Софрон Корякин уо.д.а.;
СӨ Ил Дарханын өйдөбүнньүк бэлиэлээх Махтал суругунан – Суһал медицинскэй көмө фельдшерэ Ольга Чиркова;
СӨ Бырабыыталыстыбатын кыһыл көмүс чаһылаах Грамотатынан – «Фтизиатрия» научнай-практическай киин диспансерын сэбиэдиссэйэ Людмила Яковлева наҕараадаланнылар.
Саха Өрөспүүлүкэтин доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр «РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна» үрдүк ааты, РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарын, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгунун түөскэ кэтиллэр бэлиэлэрин, министиэристибэ грамоталарын туттарда.
This post was published on 17.06.2016 15:44 15:44