Дьону тиэйэллэригэр көҥүлэ суох таксиларга олорсумаҥ, олоххутун харыстааҥ

Дьону уонна таһаҕаһы таһар сокуон ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт таксистары биллэххитинэ-көрдөххүтүнэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбаннай инспиэксийэҕэ иһитиннэриҥ. Оччоҕо эрэ иэдээни тохтотон, дьон олоҕун быыһыаххыт!


2017 сыл түмүгүнэн докумуона ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт таксист-суоппар кыттыылаах 11 быһылаан буолла. Хомойуох иһин 10 киһи суорума суолланна, ол иһигэр 2-тэ оҕо. 27 киһи араас эчэйиини ылла.

Бу сыл тохсунньу ый түмүгүнэн, таксист кыттыылаах 2 быһылаан  буолла, 2 киһи суорума суолланна, 4 киһи эчэйдэ.

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Докумуоннара ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт таксистарга харчы төлөөн олорсон бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут олоҕун уонна доруобуйатын эмсэҕэлиэххитин сөп. Онон бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстыыр сыалтан Суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбаннай инспиэксийэ сэрэтэр: РФ сокуонугар олоҕуран эһиги суоппартан докумуонун ирдиир, бэрэбиэркэлиир бырааптааххыт. Дьону, таһаҕаһы таһыыга эппиэттиир тимир көлөлөөх, дьону таһарга көҥүллээх эрэ суоппарынан айаннааҥ.

Өскөтүн таксист-суоппар докумуоннара эппиэттээбэт буоллахтарына, тута ГИБДД дьуһуурунай чааһыгар маннык төлөпүөннэринэн биллэриҥ 127, 35-22-22, 47-35-69. Массыыналар уонна техника атын көрүҥнэрин техническэй туруктарын көрөр СӨ Управлениетын төлөпүөнэ: 40-24-15, Илин Сибиирдээҕи МУГАДН төлөпүөннэрэ: 45-00-49, 45-00-32. Оройуоннарга баар полиция отделларыгар, биитэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбаннай иниспиэксийэ төлөпүөнэ: 35-22-22 уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ис Дьыала Министиэристибэтин быһа төлөпүөнүгэр: 42-22-22 эрийэн биллэриҥ.

This post was published on 14.02.2018 16:56 16:56