Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы суутугар түөрт таксист аатыгар холбуобунай дьыалалар ыытылыннылар. Суоппардар массыыналарыгар дьон тиэйиилээх Өлүөнэ эбэнэн чараас мууһунан айаннаабыттара биллэр.
Саха сирин борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, суут иннигэр Амма улууһун олохтооҕо уонна харчылаһа тас дойдуттан кэлбит үс киһи туруохтара. Кинилэр сокуоннайа суохтук пассажирдары таспыттарынан буруйданаллар.
Буруйданааччылар чааһынай тиэйиинэн-таһыынан дьарыктаммыттар. Муус чарааһын билэн туран, таксистар сэтинньи ыйга бэйэлэрин массыыналарынан Дьтокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри дьону таспыттар.
Буруйдуур түмүк оҥоһуллубутун кэнниттэн, холуобунай дьыалалара суукка ыытылынна.