Киһи бэркиһиир, уоруунан эрдэттэн барытын толкуйдаан-былааннаан дьарыктанар дьон баарыттан! Суобас дуома суох, сирэйдэрин тымыра хамсаан да көрбөккө, дьон баайын-малын «ааһан иһэн» апчарыйар уоруйахтар аттыбытыгар сылдьалларыттан!
Булун улууһун Тикси бөһүөлэгин икки олохтооҕо — дьахтардаах эр киһи — муус устарга дьонтон суотабай төлөпүөннэрин уоруунан дьарыктаммыттар. Ол уораннар, төлөпүөннэригэр ол дьон сим-каарталарын угаттаан, «мобильнай баан» нөҥүө дьон харчытын бэйэлэрин каарталарыгар ыыппыттар.
Уорбут харчыларын каарталарыттан устан, тус наадаларыгар туттубуттар.
Бу дьыала суукка көрүллэн, эр киһиэхэ 2 сыл 2 ыйга, дьахтарга 1 сыл 6 ыйгаусулуобунай миэрэ анаабыттар. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.
Суотабай төлөпүөннэр уонна уорбут харчыларын барытын хаһаайыттарыгар төннөрбүттэр.
Борокуратуура санатар: сим-каарталаах төлөпүөҥҥүтүн сүтэрдэхиитинэ, уордардаххытына биитэр уларытаргытыгар, суотабай сибээс операторыгар тиийэн, «мобильнай баан» өҥөтүн араартараргытын умнумаҥ.
Бу дьыл ыам ыйын 4 күнүттэн РФ Холуобунай кодексатын 158-с ыстатыйатын 3-с чааһыгар «г» пуун эбиллибитэ: баан счетуттан уоруу иһин накаастабыл миэрэ быһыытынан, 500 тыһ. солк. диэри суумаҕа ыстараап биитэр 6 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы (ыстарааптаах) көрүллэр.
Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
This post was published on 12.07.2018 16:43 16:43