Дьон сир аһын хомуйуута элбээтэ. Дьэдьэн, хаптаҕас, сугун хаартыскалара дэлэйдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

2024 сыл сайына сирин аһынан Саха сирин олохтоохторун күндүлүүр. От ыйыгар улуустарга дьэдьэн, хаптаҕас, сугун ситтэ. Өссө бастакы тэллэйдэри хомуйдулар. Социальнай ситимнэргэ хаартыскаларын дэлэйдик ыыттылар, ЯСИА хомуйан таһаарда.

This post was published on 15.07.2024 16:02 16:02