Дьон билигин хайдах унтууну таларый?

Дьокуускайга бүгүҥҥү күҥҥэ кыһыҥҥы атах таҥаһын оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыыр хас да тэрилтэни аатыаха сөп. Олору сэргэ Россия атын да регионнара уонна тас дойдулар эмиэ аҕалаллар. Маныаха чааһынай дьон да хаалсыбат, илиинэн улларан унтууну оҥорор.


Холобура ынах тирииититтэн оҥоһуллубут эр киһи унтуута 4 000 солкуобайга тэҥнэһэр, дьахтар ынах тириититтэн оҥоһуллубут унтуута 3 800 солкуобай. Бу Кытайтан кэлбит намыһах сыаналаах атах таҥаһа кырааскаланан, сахалыы оһуорунан тупсарыллан көстөр дүһүнэ да дьону сэҥээрдэр.

«Кытай киэнэ сыаната чэпчэки, ол эрээри үйэтэ суох. Саамай үчүгэй унтуу буоллаҕа дии. Сылааһа, сымнаҕаһа», — диэн ырыынакка кэргэнин кытта эт-ас атыылаһа сылдьар Зоя Портнягина санаатын эттэ.

Сымнаҕас унтуулар «Бааһынай» ырыынагын иһигэр атыыга элбэх. Сорох маҕаһыыҥҥа таба тыһыттан оҥоһуллубут, билэтэ оһуордаах дьахтар атаҕын таҥаһын эгэлгэтэ. Онтон сороххо тайах тыһыттан тигиллибит эр дьон киэнэ элбэх.

«Дьахтар киэнин 30 тыһыынча солкуобай ортотунан. Холобура тыстан оҥоһуллубут оһуордаах унтуу сыаната 33-35 тыһыынча буолар. Эр киһи киэнэ ортотунан 25 тыһыынча солкуобай, кырааскаламмыт — 28 тыһыынча солкуобай», — диэн сакааһынан эрэ үлэлиир Клавдия Макарова кэпсээтэ.

Атах таҥаһын оҥорооччуттан билигин киһи хайа баҕарар көстүүлээх унтуутун талбытынан сакаастаан ылар кыахтаах. Аны «Сахабулт», «Сардаана фабрика» курдук улахан тэрилтэлэр маҕаһыын муҥунан атыылаан нэһилиэнньэни араас көстүүлээх атах таҥаьынан хааччыйаллар.

Олору таһынан аны уратыны оҥорор дьоҕурдаах дьон эмиэ бааллар. Александр Попов бар дьоҥҥо киэҥник биллибит аата Лаачаан. Кини 30-тан тахса сыл атах таҥаһын эт илиитинэн оҥорор. Кэргэнин кытта мастырыскыайдарыгар күннэтэ бэйэлэрэ тигэллэр уонна уллараллар. Дьон хаачыстыбаны сөбүлээн, кыһын оройо сакааһы толорон ыйга 100 паараҕа тиийэ оҥоробут дэһэллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дьон бэйэтэ хайдах баҕарарынан, талбыт сириттэн сөбүлүүр  быһыылааҕын-таһаалааҕын атыылаһар кыахтаах. Сыананы ырыынак бэйэтэ хонтуруоллуур.

This post was published on 05.12.2019 10:40 10:40