Доллу нэһилиэгэр культура киинин саҥа дьиэтэ аһылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков олунньу 14 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр культура киинин таас дьиэтин аһыллыытыгар кытынна.


Саҥа объект «Сахам сирэ — ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһынынан тутулунна. Бу киин элбэх хайысхалааҕынан манна библиотека уонна почта кыттыһан үлэлиэхтэрэ. Кулууп аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах, 150 миэстэлээх кэнсиэрдиир саалаалаах. Үҥкүүнэн дьарыктаныыга туспа саала көрүллүбүт. Тутууну доллулар биир дойдулаахтара, «Мегастрой» тэрилтэ салайааччыта, СӨ үтүөлээх тутааччыта Алексей Стручков салайан ыытта.

Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэккэ соторутааҕыта «Тумул» кооператив саҥа хотонун иккис уочарата үлэҕэ киирбитэ. Нэһилиэк таас оҕо саадтаах, таас оскуолалаах, аны таас культура киинэ баар буолла.

Норуот күүһүнэн саҕаламмыт тутууга нэһилиэк, улуус салалтата бүттүүн ылсан, депутаттара — Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков үлэ хаамыытын сүрүннээн, тус хонтуруолугар ылан, культура киинэ силигин ситтэ.

Саҥа объекка киирии сиэрин-туомун сцена ветерана Анатолий Скрябин алгыһынан арыйда. Аалай лиэнтэни Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин, «Сахам сирэ — ХХI үйэҕэ» хамсааһын отделын начлаьнига Алексей Петров, культура киинин директора Акулина Власова кырыйдылар. Ол кэннэ ыалдьыттарга саҥа, сырдык, сылаас дьиэ устун экскурсия оҥордулар, олохтоох маастардар үлэлэрин быыстапкатын көрдөрдүлэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тыл этэригэр бу дьиэ тутуутун туруорсубут уонна санаатын ууран үлэлэспит, саҕаласпыт Иннокентий Птицыҥҥа, нэһилиэккэ күттүөннээх үлэ барыытыгар өрүү көмөлөһөр Таисия Десяткинаҕа, Ефим Стручковка, улуус салалтатыгар Николай Старостиҥҥа, Андрей Находкиҥҥа, бу тутуу барыытыгар үлэлэспит коллегаларыгар — Ил Түмэн депутаттарыгар Александр Романовка, Юрий Баишевка, тутууну ыыппыт Алексей Стручковка, тутааччыларга уонна нэһилиэк олохтоохторугар махтанна.

«Ис көрүҥүнэн, тас өттүттэн да көрдөххө, үчүгэйдик, тупсаҕайдык, чахчы бар дьону түмэр сырдык киин буоллун диэн баҕа санааттан тутуллубут дьиэ. Онон дьон-сэргэ сөбүлээн түмсэр үтүө уораҕайа буолан, өр сылларга нэһилиэк сайдарыгар туһалыы, көмөлөһө турдун”, — диэн баҕа санаатын эттэ.

Спикер Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэни «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын салайааччыта, РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Таисия Десяткинаҕа, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин Ил Түмэн Бочуотунай Грамотатын СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Птицыҥҥа, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун үлэ бэтэрээнэ, култуура киинин бухгалтера Екатерина Константиноваҕа, тыыл, үлэ, сцена ветерана Иван Пономаревка, тутуууну ыыппыт Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алексей Стручковка туттарда.

Бу бэлиэ түгэҥҥэ Александр Жирков олохтоох библиотекаҕа саҥа кинигэлэри, оҕо уһуйааныгар олоҥхо персонажтарынан сахалыы куукулалар набордарын бэлэхтээтэ.

Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо аймах, ыччат уонна физкультура, спорт дьыаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев саҥа объект аһыллыыта 62 төгүлүн саҕаламмыт улуус культуратын эстафетатын кытары биир күҥҥэ сөп түбэспитинэн ураты суолталааҕын, кулууп саҥа талааннар тахсыыларыгар, нэһилиэк түмсэригэр төһүү буолуоҕун эттэ. Итиэннэ сис кэмитиэт Бочуотунай грамоталарын нэһилиэк спортивнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар Николай Сидоровка, Гаврил Власовка, Варвара Слепцоваҕа туттарда.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин нэһилиэккэ социальнай объектар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир буолбуттарын, билигин аны ититэр ситимҥэ болҕомто ууруллан үлэ барыаҕын эттэ. Үтүө дьыала хамсааһын тыа сиригэр олус наадалааҕын, ону депутаттар чуолкайдык өйдүүллэрин уонна ити боппуруоһу туруорсалларын, хонтуруоллуулларын эттэ. Сылаас, табыллыбыт бырайыактаах саҥа кииҥҥэ олохтоохтор, ордук ыччат дьон түмсэн, бары хайысхаҕа үлэни тэрийсэн, нэһилиэк олоҕо сэргэхсийдин диэтэ.

«Сахам сирэ — ХХI үйэҕэ» хамсааһыны салайбыт СӨ үтүөлээх тутааччыта Иван Емельянов уонна бу тэрилтэ отделын начальнига Алексей Петров өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө дьыала хамсааһын сүүрбэ сыллааҕыта аан бастаан Мэҥэ Хаҥаластан саҕаламмытын, оччолорго улуус 70 сылыгар 70 объект тутуллубутун, бу көҕүлээһини улуустар салгыы өйөөбүттэрин аҕыннылар. Бу хамсааһын баар буолан, тыа сиригэр тутуу баран, биир да нэһилиэнньэлэх пуун сабыллыбатаҕа. 2000 cылтан үтүө дьыаланан 1100-тэн тахса объект киирбитин, ааспыт сылга 43 объект тутуллубутун бэлиэтээтилэр. Онон “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» этии курдук бу хамсааһын салгыы туһалыы турдун диэтилэр.

Улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин нэһилиэккэ сайдыы кэлимник барарынан доллулар холобур буолалларын эттэ. Итиэннэ бу объект силигин ситэригэр «Биир ньыгыл Россия” партия тыа сирин кулууптарыгар көмөлөһөр бырайыагынан кулуупка аппаратура, уот-күөс, олорор миэстэлэр, сцена таҥаһа ылыллыбытын эттэ.

Улуус культуратын управлениетын салайааччыта Сергей Холмогоров култуура дьиэтэ нэһилиэк тэбэр сүрэҕэ, дьону тоҕуоруһар сирэ буоларын эттэ. Кэнники аҕыс сылга улууска 16 культура объега киирбитин, аҕыйах хонугунан Хочоҕо саҥа киин аһыллыаҕын иһитиннэрдэ.

Культура киинин директора Акулина Власова нэһилиэк өр сылларга кэтэспит баҕа санаата туолан, хаачыстыбалаах тутуу киирбитинэн өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк салалтатыгар, бары көмөлөспүт, тутууну ыыппыт дьоҥҥо, олохтоохторго махтанна.

Нэһилиэк олоҕо сайдарыгар, инники кэскилэ кэрэни кэрэхсииригэр, үтүөнү үксэтэригэр, талааннар арыллалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэн, культура киинин үлэтэ саҥа таһымҥа тахсар кыахтанна.

This post was published on 15.02.2018 16:47 16:47