Саха сирин долганнарын ассоциацията «Брусничка» уһуйаан иитиллээччилэригэр үгэскэ кубулуйбут «Цветение тундры» тэрээһини ыытта. Уһун кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктуутугар анаммыт аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бырааһынньыктара буолар диэн, «Кындыкаан» айар холбоһук пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Туундара тыллыыта – бырааһынньык эрэ буолбатах, долганнар дириҥ култуураларыгар кыттыы, билии, кинилэр үгэстэрин кытта билсии, хотугу айылҕа кэрэтин дьүһүйүү, үчүгэй энергиянан бэйэни толоруу. Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, биһиги ассоциациябыт уонтан тахса сыл «Брусничка» оҕо саадын кытта шефтээх. Сылын аайы араас дьаһаллары ыытабыт», – диэтэ КМНС ассоциациятын бастакы вице-президенэ, Саха сирин долганнарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Ольга Тимофеева-Терешкина.
Кини оҕолор бырааһынньыкка эрдэттэн бэлэмнэнэллэрин бэлиэтээтэ. Быйылгы тэрээһин Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар ананна.
This post was published on 18.06.2024 10:32 10:32