"Дьол Чорооно" Дьааҥы нэһилиэктэринэн бэлисипиэтинэн айанныыр

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 76 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнүн көрсө, Саха АССР Автономията олохтоммута 100 сылынан уонна Саха сирин дьахталларын XV сийиэһин көрсөргө аналлаах «Дьол Чорооно» аахсыйа сайыҥҥы суоллаах чугас нэһилиэктэргэ айанныыр. Ыам ыйын 8 күнүгэр 8 бэлисипиэттээх кыргыттар Адыаччыттан айаннаан, Баатаҕайга кэлэн, бэтэрээн болуоссатыгар тохтоотулар. 1945 сыл тохсунньу 14 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскүүр уоттаах сэрии толоонугар охтубут «Кыһыл сулус» уонна  Аҕа дойду сэриитин I  степэннээх уордьанннаах дьоруой Христофор Михайлович Слепцов – Эллэ пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Салгыы Эһэ Хайаҕа айаннаатылар.


Аҕа дойду сэриитин иннинэ, 1939 сыл бэс ыйын 20 кунүгэр Саха АССР Президиумун Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕын хадатаайыстыбатынан 1940 сыллаахха Эһэ Хайа оробуочай бөһүөлэк быһыытынан бигэргэтиллибитэ. Сэрии саҕаланыыта оройуоҥҥа 44 автомассыына, онтон 40-нун Эһэ Хайа руднига бас билэрэ. «Дальстрой» бас билиитигэр киирбит хайа хостуур бырамыысаланнаһа күүскэ сайдыбыта. 1941 сыллаахха Эһэ Хайатааҕы 418 –дээх хайа байытар баабырыка тутуута ыытыллан, 1943 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Элбэх бириискэлэр аһыллан үлэлээн, Ийэ дойду оборонатын пуондатыгар сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ. 1941 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбит, билигин да тыргыллан бэрт үчүгэй туруктаах суоллаах Баатаҕай-Эһэ Хайа тыраассатын устун кэлии-барыы айана бүгүн да тохтообот.

Хаһан эрэ бэрт киэҥник аатыра сылдьыбыт Дьааҥытааҕы автобаасаны кэриэстээн тутуллубут массыына пааматынньыгын аттыгар Адыаччылар Эһэ Хайа бэрэстэбиитэллэригэр Дьол Чороонун туттардылар.

Адыаччы нэһилиэгин дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Аина Егорова Чирикова: «Биһиги «Дьол чороонун» Боруулаахтартан туппуппут уонна бэлисипиэт көлөнөн айаннатан кэлэн, Эһэ Хайа нэһилиэгин дьахталларыгар тиэртибит. Маны кытта Эһэ Хайа нэһилиэгин олохтооҕо 8 оҕолоох Иванова Вилюяна Игнатьевна дьиэ кэргэнигэр «Все для дома» маҕаһыынтан үс тыһыынчалаах сэртэпикээти ыыттыбыт. Ааспыт сыл бэлисипиэттээх бөлөхпүтүгэр 18 дьахтар этибит, быйыл билиҥҥи быһыынан-майгынан уончабыт”.

Ширяева Сардана Ивановна: «Бэлисиппиэттээх бөлөхпүт айанын Адыаччы олохтоох дьаһалтатын үлэһиттэрэ массыынанан арыаллаатылар. Онон айаммытыгар улахан кыһалҕаны көрсүбэтибит. Маннык аахсыйалар ыытыллыылара нэһилиэктэр икки ардыларыгар сомоҕолоһууну үөскэтэр. Онлайн нөҥүө да ыытыллар тэрээһиннэргэ дьон көхтөөхтүк кытта үөрэннэ. Бу түгэнинэн туһанан Адыаччы нэһилиэгин дьаһалтатыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит».

Эһэ Хайа бөһүөлэгин баһылыга Мария Николаевна Терешкова 46 килэмиэтири айаннаан кэлбит хорсун кыргыттарга махталын тириэртэ. Дьааҥы оройуонун дьаһалтатын социальнай бэлиитикэҕэ отдела тэрийэн ыытар аахсыйатын алгыстаах чорооно Улуу Кыайыы 9 күнүгэр Эһэ Хайаттан Остоолбо нэһилиэгэр айаннаата.

This post was published on 09.05.2021 12:01 12:01