Дьокуускайтан Сангаарга, Уус-Маайаҕа уонна Хандыгаҕа диэри чэпчэтиилээх авиарейстэр баар буолуохтара

Алтынньы 17 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри Маҕан аэропордуттан пассажирскай авиарейстэр Сангаарга, Уус-Маайаҕа уонна Хандыгаҕа субсидияламмыт тарифтарынан көтүөхтэрэ диэн Саха сирин тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Сиринэн сырыы уустук кэмигэр дьону хааччахтаабат туһугар «Полярные авиалинии» Ан-3 сөмөлүөтүнэн пассажирскай рейстэри оҥоруоҕа.

Авиабилет сыаналара:

алтынньы 17 күнүттэн Сангаарга диэри сөмөлүөт оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ көтүөҕэ, авиабилиэт сыаната — 7223 солк.;

Уус-Маайаҕа сөмөлүөт алтынньы 19 күнүттэн сылдьыаҕа — оптуорунньукка уонна чэппиэргэ, анал тариф — 5000 солк.;

Хаандыгаҕа диэри сөмөлүөт алтынньы 30 күнүттэн сылдьыаҕа — бэнидиэнньиккэ уонна сэрэдээҕэ, анал тариф — 10 422 солк.

Ыйыллыбыт авиарейстэргэ «Полярные авиалинии» авиахампаанньа кассаларыгар электроннай сурутуу саҕаланна.

This post was published on 12.10.2023 13:05 13:05