Россия бырабыыталыстыбата Москва — Дьокуускай хайысханан субсидиялаах сөмөлүөтүнэн көтүүгэ эбии үбүлээһини оҥоруоҕа. Билиэттэр кэлэр нэдиэлэҕэ атыыга тахсыахтарын сөп. Ол туһунан сорудаҕы бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин тустаах тэрилтэлэргэ биэрдэ, суруйар СИА.
Премьер-министр Михаил Мишустин РФ тырааныспарга министиэристибэтигэр «дьаһал түргэнник олорххо киирэригэр ыытыллар тэрээһин үлэни түргэтэтиҥ, сөбүлэҥ суруктары түһэрсиҥ» диэн сорудахтаата.
Кини эппитинэн, Уһук Илин 12 регионуттан субсидиялаах көтүүлэри оҥорууга сыл саҥатыгар 5 млрд солк көрүллүбүт. «Испииһэккэ билигин икки маршрут эбилиннэ – Чита уонна Дьокуускай. Маннык көтүүнү Санкт-Петербурга эмиэ тэрийиэхпит – сэттэ куораты киллэрэн туран, ол иһигэр Хабаровскай, Владивосток уонна Петропавловск-Камчатскай», — диэтэ кини.
This post was published on 12.10.2021 11:01 11:01