Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар Саха сирин баһылыгын сорудаҕынан Үөһээ Бүлүүгэ барарга уонна кэлэргэ эбии авиарейстар тэриллиэхтэрэ уонна тариф намтатыллан биэриэҕэ. Рейстэри «Полярные авиалинии» авиакомпания Ан- 24 сөмөлүөтүнэн толоруоҕа.
Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев быһаарбытынан, авиа-билиэт сыаната 14 000-16 130 солк. диэри буолуоҕа, эрдэ 23 010 солк. сыанаҕа турбута.
Ону тэҥэ, Дьокуускайтан Үөһээ Бүлүүгэ уонна ыһыах ыытыллар миэстэтигэр диэри автобустар, оттон «Түгэхтэй» диэн ландшафтнай- этнографическай комплекска электромобиллар сылдьыахтара.
Тэрээһин ыытыллыахтаах бары объектара бэлэмнэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары уонна күрэхтэһиилэри тэрийэр бөлөхтөр түмүктүүр үлэлэрин ыыта сылдьаллар.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү Олоҥхо ыһыаҕар үрдүк бэлэмнээҕин бэлиэтээтэ уонна бырааһынньык миэстэтигэр мобильнай сибээс боппуруостарын быһаарыыга ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата.
This post was published on 09.06.2022 14:03 14:03