Алтынньы 20 күнүттэн Дьокуускай — Аллара Бэстээх — Дьокуускай хайысханан пассажирдары таһыы салгын олбохтоох суудуналарга көстө. Айан иһин төлөбүр — 2000 солк.
«Күн аайы 7:00 — 18:00 чааска үлэлиибит. 20 суудуна баар. Дьокуускайтан «Намыв» причалтан 204 микрооройуонтан араҕар», — ЯСИАҕа «ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев эттэ.
Өрүскэ балаһыанньа уустугурдаҕына аэроботтар үлэлиэхтэрэ, айан иһин төлөбүр 4000 солк диэри улаатыаҕа.
This post was published on 21.10.2024 15:09 15:09